Саха омук суруктаах буолар кэмин уһулуччулаах тыл үөрэхтээҕэ Семен Андреевич Новгородов түстээбитэ сүүс сыла буолла. Саха тыла толору чөл эрдэҕинэ, дорҕоон туругун туһунан академик Л.В. Щерба үөрэҕин ылынан, «Бастааҥҥы сурук-бичик» диэн буукубаарын айбыта, билигин санаатахха, кини дуулаҕа хорсун быһыыта эбит [4: 302].
П.А. Ойуунускай эппитинии, С.А. Новгородов латыынныы дорҕоон бэлиэлэрин буукуба чэрчитигэр туһанар уопуту олохтоон, саха ыччата да, дьоно да устуоруйа кылгас быыһык кэмигэр үөрэҕэ суох түҥ хааһах кэмтэн билии-көрүү сырдык суолугар үктэммитэ [9: 113]. Үөрэх-билии таһымыгар, бэчээккэ, дьон суруйсуутугар С.А. Новгородов алпаабыта ХХ үйэ 40-с сылларыгар тиийэ туһаныллыбыта – төһө да бүттүүн түүрдүү алпаабыт (1926 с.) ылыныллыбытын үрдүнэн, олоххо буолан ааспыт устуоруйа чахчыта.
Иван Егорович Алексеев, ф.н.д., ХИФУ бэрэпиэссэрэ
Ирина Николаевна Сорова, ф.н.к., ХИФУ дассыана
С.А. Новгородов буукубаарын тупсаран оҥороругар, «Ааҕар кинигэ» бэчээттэниитигэр да, билиҥҥи билим таһымынан көрдөххө, сурук уонна саҥарыы үөрүйэхтэрэ алтыһа сылдьаллар. Ол «хайдах саҥарарыҥ курдук суруй» диэн бириинсипкэ тирэҕирэн, латыынныы бэлиэ (транскрипция) саҥарыы үгэстэрин сурукка табыгастаахтык туһанар кыаҕы үөскэппититтэн көстөр. Холобур, ылан биэр < ылам биэр, этэн кулу < этэҥ кулу, кутуйах ыраахтааҕыта<кутуйаҕыраахтааҕыта уо.д.а. Таба суруйуу быраабылалара олоҕуруохтарын иннинэ сурукка-бичиккэ саҥарыы үйэлээх үгэһэ тутуһуллан испитэ. Тыл үөрэҕэр ити көстүүнү М.В. Гордина «Только когда человек начинает представлять себе звуки речи как некие особые сущности, становится возможным обсуждать их свойства и способы их фиксации» диэн быһаарыыта Семен Андреевич маассабай сурук-бичик олохсуйар тосхолун сөпкө өйдөөбүтүн туоһулуур [6: 5].
«Буукубаарын» сыһыарыытыттан көрдөххө, сурук-кыраапыка сэргэ, дорҕоон дьүөрэлэһэн уларыйар төрүөттэрин тыл үөрэҕин түөрүйэтигэр тирэҕирэн, сахалыы сурук-бичик аанын бастаан тэлэйбит эбит. Кини өйдөбүлүнэн, оччолорго үгүс омуктарга сурук олохсуйарыгар латыын транскрипцията улам-улам киэҥник тарҕанан эрэрэ саха тылыгар дорҕоону чопчутук бэлиэтииргэ ордук табыгастааҕа.
Латыын транскрипциятынан сахалыы сурук-бичик сыыйа итэҕэһэ-быһаҕаһа көннөрүллэн, үөрэх-билии, бэчээт, билим сайдан испитэ. Оттон 1926 сыллааҕы бүттүүн түүр тылларыгар аналлаах латыынныы хабааттыылаах алпаабыт ылыныллыыта эриэ-дэхси буолбатаҕа. Атын түүрдэргэ баар дорҕооннор бэлиэлэрэ сахалыыга суохтара эбии бутууру үөскэппитэ. Инньэ гынан, новгородовтыы алпаабыт бэйэтин суолун өссө олохтоохтук соломмута, үөрэх систиэмэтигэр хайыы-үйэ үөрүйэх буолан, туттуллуута кэҥээн испитэ.
1938 сылтан аны нуучча алпаабытыгар көһөр туһунан кэпсэтиилэри, онтон уураахтары Киин былаас соҥноон барбыта. Тиһэҕэр, баартыйа Саха сиринээҕи кэмитиэтин бүрүөтэ 1938 сыл сэтинньи 10 күнүгэр «Нууччалыы алпаабыкка көһөр туһунан» уурааҕа тахсыбыта [11]. Онно этиллэринэн, олох бары таһымыгар латыынныы алпаабыттааҕар нуучча алпаабыта таһыччы ордугунан (превосходство русского алфавита) саха суругун-бичигин нууччалыыга көһөрөр булгуччулааҕын көрдөрөр ыстатыйалары киэҥ маасаҕа анаан бэчээттэтэ охсорго уонна саҥа туттуллан эрэр нууччалыы тыл олоҕун уларыппакка суруйар наадалааҕын ыйан, Тыл, култуура үнүстүүтүн дириэктэрэ В.Н. Чемезов, биллиилээх тюрколог С.Е. Малов алпаабыт бырайыагын 20 күн иһинэн оҥорон, өрөспүүбүлүкэ Үрдүк Сэбиэтин бүрүсүдьүүмүгэр киллэрэллэригэр сорудахтаабыта.
Сорудаҕы уталыппакка толорбуттара уонна 1939 сыл олунньутугар саҥа алпаабыты, үнүстүүккэ дьүүллэһэн ылыммыттарын кэннэ, кулун тутар 23 күнүгэр РСФСР үөрэҕин норкуомугар бигэргэтэн кэбиспиттэрэ [13: 15]. Тиһэҕэр, ити сыл атырдьах ыйын 29 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү Сэбиэтэ саҥа алпаабыты таба суруйуу быраабылаларын кытта холбуу бигэргэппитэ [3].
Саҥа алпаабыкка көһүү, биллэрин курдук, 1939-40 сс. ССРС норуоттарын бары тылларыгар (Армения, Грузия уонна Прибалтика Өрөспүүбүлүкэлэриттэн уратыга) нуучча (кириллица) буукубаларын ылынан, аҕыйах «ураты» дэнэр дорҕооннору, холобур сахаҕа һ, ҕ, ө, ү, ҥ, дь, нь курдуктары эбэн алпаабыты ылыныы, дьиҥ иһигэр, алпаабыт оҥоһуллар бириинсиптэригэр дьүөрэтэ суох дьаһал буолбута.
Алпаабыт хайа да тыл бэйэтин дорҕооннорун тиһигиттэн таҥылларыгар, туох да мунааҕа суох, өр үйэлэртэн үгэс буолан чочуллубут дорҕоонноро систиэмэ быһыытынан киирэллэр [5]. Оттон 1939 сыллаахха бигэргэтиллибит сахалыы-нууччалыы алпаабыт ити ирдэбилгэ сөбө суох бириинсибинэн оҥоһуллан, күн бүгүнүгэр диэри таба суруйуу быраабылаларыгар нууччалыы тыл хайдах суруллуохтааҕа мөккүөргэ сылдьар. Түөрүйэҕэ дьүөрэлээх алпаабыкка, таба суруйуу, кыраапыка өттүнэн табыгастааҕа эрэ буолбакка, тыл этигэнин, чөлүн харыстыыр анал баһыйыахтаах. Ол иһин эрдэттэн суруктаах омуктарга табыгастаах алпаабыт тыл туругун хараанньыта буолан, үйэлээхтик туттуллар. Холобур, нуучча тылын алпаабыта Петр I саҕаттан (1710 с.) бигэ туруктаахтык туттуллуута кириллицаҕа олоҕуран, ХХ-с үйэ саҥатыгар (1917 с.) өссө тупсарыллан, халбаҥнаабакка туһанылла сылдьар. Көстөрүн курдук, нуучча тылын алпаабыта, хайа да атын омук тылыттан булкааһыга суох, бэйэтин тутула нууччалыы дорҕооннор тиһиктэриттэн таҥыллан оҥоһуллубут буолан, бигэ-таҕа. Итиннэ сүрүн ирдэбил – дорҕооннор сөптөөх бэлиэлэрин олоҕурдан, сурук-бичик табыгастаах буоларын хааччыйыы. Хайа баҕарар омук тылын суруга-бичигэ эмиэ онно дьүөрэлээхтик оҥоһуллан, туттуллар кыаҕа сайдан, кэҥээн иһиэхтээх этэ.
Алпаабыты олохсутуу ирдэбиллэрэ уонна бириинсиптэрэ, ордук саҥа сурук-бичик олоҕурар кэмигэр, тыл ис кыаҕын ситэри-хотору арыйар суоллары чопчулуурга туһаайыллаллар [10: 63-64]. Ол иһин төрөөбүт тыл дорҕооннорун тиһигинэн алпаабыты олохсутарга билим түмүктэрэ, быһаарыылара туһаныллаллар. Саха тылыгар алпаабыты оҥорор саҕана (1939 с.), нууччалыы алпаабыт буукубалара, дорҕоон бэлиэтэ буолалларын таһынан өссө, саха дорҕооннорунуун үкчү дьүөрэлээхтэр диэн быһаарыы баара [14: 47-50]. Ол саҕана, дорҕоон тиһигин чинчийии ситэ-хото илик кэмигэр, итинник өйдөбүл чуолаан түүр тылларыгар киэҥник тарҕаммыта. Бэл, тылдьыттарга алпаабыт буукубатын нууччалыы дорҕоон аатынан бэ, вэ, гэ… диэн киллэрбиттэрэ [7: 16]. Дорҕоон аатын бутуйуу түмүгэр, күн бүгүнүгэр диэри «саха тылыгар һ, ө, ҕ, ү, ҥ, дь, нь эрэ сахалыы, атыттара нууччалыы» диэн өйдөбүл үгүс дьоҥҥо олохсуйан сылдьар. Ол үөрэх кинигэлэригэр, тылдьыттарга баарын эмиэ көрүөххэ сөп [12: 18].
Алпаабыт оҥоһуллар бириинсибин сүнньэ, төрөөбүт тыл дорҕоонноро хайдах этиллэллэрин сэргэ, дьиҥ иһигэр, тылга туттуллууларыгар өйдөбүлү төһө сөпкө көрдөрөллөрүн, тиэрдэллэрин ирдиир [10: 64]. Итинтэн төрүөттээн, тыл-тыл ахсын дорҕоон ураты ааттаныыта, нууччалыы бэ, вэ, гэ, дэ курдук, олохсуйбут. Холобур, армянныы – бен, гин, кен, дан, то, гректии – вита, гамма, дельта, грузинныы – бан, ган, дан, тан, кириилиссэлии – буки, веди, глагол, добро, покон диэн [8: 29-30]. Оччотугар түүр тылларыгар эмиэ ордук бүтэй дорҕооннор тус ааттаах буолуохтаахтара 1939-1940 сс. саҕана болҕойуллубатах.
Аны туран, дорҕоон тус ааттаах буолуута төрөөбүт тылынан саҥарар үөрүйэхтэн тутулуктаах. Сахалыы аһаҕас да, бүтэй да дорҕооннор, К.Д. Ушинскай «тыл дорҕооно – өй тыктарыыта» диэбитинии, өйү-санааны сайа этэр аналлар хайдах этиллэллэриттэн тутулуктаах. Онон саха тылын алпаабыта, эмиэ атын суруктаах тылларга курдук, бэйэтин ис кыаҕын көрдөрөр ааттаах-суоллаах дорҕоонноруттан таҥыллан оҥоһулуннаҕына, сурук-бичик бигэ буолуоҕа. Аһаҕас дорҕооннор хаачыстыбалара тус уратылаах буоллаҕына, бүтэй дорҕооннор, нууччалыы бэ, гэ, дэ буолбакка, сахалыы саҥа уорганнарын (АБ) оҥоһугун быһыытынан чочуллубут айылгылаахтар: бы, гы, ҕы, ды, дьы, ый, ыҋ, кы, ыл, ым, ын, ыҥ, ньы, пы, ыр, ыс, ты, хы, чы, һы диэн. Тыл чөлүн дорҕоон хайдах этиллэр туруга харыстыыр, сайдыы далаһатын, өй-санаа күүрээнин, бүттүүн омук айар эйгэтин ситэрэтик арыйар. Тыл чөлүн көстүүтэ диэн – тыл ис күүһэ, иһиллэр кэрэтэ, дорҕооннорун тутулун бигэтэ, этии киэбин саҥарыы чочуллубут халыыба, тиһэҕэр, тыл эстиэтикэтэ [2: 13].
Нууччалыыта-сахалыыта биллибэт булкаас алпаабыт, сурук эрэ буолбакка, саҥарыы (АБ) киэбин уларытар дьайыыта улам-улам биллэн-көстөн иһэр. Эрдэтээҕи киирии оскуола, уруучука, баара, баарта уо.д.а. тыллар сыыйа нууччалыы халыыптарыгар көһөн иһэллэрэ. Тиһэҕэр, сахалыы тыл этиллиитэ, суруллуута кытта, АБ «нууччатытыытыттан» төрүөттээх. Холобур, эҕэрдэ – аҕэрда, буолар – болар, биэрэр – берэр, түөрт уон – тердон уо.д.а. Көстөрүн курдук, сахалыы саҥарыы кыаҕын ылларан бардаҕына, тыл уопсай тутулун сүнньэ сингармонизм улам үрэллэн киирэн барых чинчилээх. Сыыйа дорҕооннор симэлийэн, туттуллубат буолан иһиилэрэ ҥ, ҋ (мурун й), уһатыылаах аһаҕастар, дорҕооннор этиллэр хаачыстыбалара күлүгүрэн бардаҕына, тыл сүрүн тутула айгырыыр туруктаах. Ол иһин саха алпаабытын бэрийэн, тупсаран биэрии энчирээбэт сорук буолар.
Билиҥҥи кэмҥэ Арассыыйаҕа олохтоох омуктар тылларын алпаабыта кириилиссэҕэ олоҕуруохтааҕын тыл сокуона ирдиир уонна алпаабыт тупсарыгар тускутун бопсубат. Ол иһин сахалыы сурук-бичик тупсаҕай, ты-өс чэгиэн, чөл буоларын туһугар, алпаабыт саҥа барыйаанын ылынар кэм кэллэ дии саныыбыт.
Саҥа бырайыак сахалыы дорҕоон үөскүүр бэлиэтин ситэритик арыйар аналлаах уонна билиҥҥи сайдыылаах кэмҥэ бэйэтин туһун ыһыктыбакка, салгыы сайдар кыаҕын хааччыйар. Ол аан дойдутааҕы тыллары харыстыыр, өрүһүйэр дьаһаллардыын дьүөрэлээх.
Саха алпаабыта
А а, аа, Б б, г, ҕ, Д д, Дь дь, И и, ии, иэ, Й й, Ҋ ҋ, К к, Л л, М м, Н н, ҥ, Нь нь, О о, оо, Ө ө, өө, П п, Р р, С с, һ, Т т, У у, уу, уо, Ү ү, үү, үө, Х х, Ч ч, Ы ы, ыы, ыа, Э э, ээ.
Алпаабыт 40 буукубалаах. Урут киирбэтэх уһатыылаах, дьуптуон аһаҕастар уонна ҋ (мурун дорҕооно) саха тылын бары дорҕооннорун түмэр. 13 нууччалыы буукуба нуучча алпаабытыгар баарын уонна нууччалыы тылы нуучча алпаабытынан сурулларын быһыытынан сахалыыга киирбэттэрэ сиэрдээх. Онон икки аҥыы тутуллаах тыллар дорҕооннорун тиһигэ уратылааҕын тылы саҥалыы үөрэтээччи, ордук оскуола үөрэнээччитэ, өйдүүрүгэр көмөлөөх. Итини таһынан, хайа да таһымҥа тыыннаах тыл бэйэтин сокуоннарынан сайдара күөмчүлэниэ суохтааҕын К.С. Аксаков «Народ говорит одним языком, в этом единстве выражается внутренняя симпатия родства душ, по которому люди одного народа сливают звуки в известные стройные созвучия, выражая ими внутренние и внешние понятия», — диэн уот харахха эппиттээх [1: 171].
Литэрэтиирэ:
- Аксаков К.С. О грамматике вообще (по поводу грамматики В.Г. Белинского // Хрестоматия по истории русского языкознания) под ред. Ф.В. Филина. – М.: Высшая школа. 1973. – С. 170-174.
- Алексеев И.Е. Саха алпаабыта (үөрэх кинигэтигэр туһаныллар посуобуйа). – Дьокуускай, 2014. – 258 с.
- Архив ЯФ СО АН СССР. ф.5. оп. 4. д. 29. л. 47-48.
- Афанасьев В.Ф. Азы якутской грамоты // Труды историко-филологического факультета. Вып. 1. – Якутск, 1966. – 302 с.
- Ахманова О.С. Словарь лингвистических терминов. – М. 1969. – 605 с.
- Гордина М.В. История фонетических исследований (от античности до возникновения фонологической теории). – Санкт-Петербург, 2006. – 533 с.
- Киргизско-русский словарь. – М.: Сов.энцикл., 1965. – 973 с.
- Лингвистический энциклопедический словарь. – М.: Совр. энцикл., 1990. – 683 с.
- Литературная энциклопедия. т. VIII. – М., 1934. — 113 с.
- Мусаев К.М. Алфавиты языков народов СССР. – М., 1965. – 83 с.
- Постановление бюро ОК ВКП (Б) “О переходе якутской письменности на русский алфавит” 10.08.1938 г. // НА РС (Я) ф. 1 п. 3.оп. 182. с.161. л. 111.
- Сахалыы таба суруйуу тылдьыта. – Дьокуускай: Бичик, 2015. – 480 с.
- Слепцов П.А. Якутский литературный язык. Формирование и развитие общенациональный норм. – Новосибирск: Наука, 1990. – 274 с.
- Харитонов Л.Н. Современный якутский язык. Лексика, фонетика и морфология. – Якутск: Якгиз, 1947. – 307 с.