С.А. Новгородов төрөөбүт сахатын омугун кэскилин туһугар турууласпыт биһиги биир чулуу киһибит буолар. Кини ыраахтааҕы былааһа уонна баайдыы тутул баттаан-үктээн олорор сахатын норуота өлбөт-сүппэт сүбэтин буларга уонна ону олохтуурга быһаччы кыттыспыта. Биһиги кинини сахалыы бастакы сурук-бичик төрдүн уурбут, сахалыы үөрэҕи олохтоспут, сахалыы бэчээт атаҕар турарыгар суолталаах кылааты киллэрбит, саха тылын наукатыгар биллэр суолу-ииһи хаалларбыт уонна норуот тылынан уус-уран айымньытын хомуйуу төрүтүн уурсубут киһи быһыытынан суолталыыбыт. Уонна кини хаалларбыт нэһилиэстибэтин үөрэтэн, омукпут сайдыытын удумурдуур үлэбитигэр көдьүүстээх өйү-санааны, үөрүйэҕи буларга дьулуһабыт.
Филиппов Гаврил Гаврильевич,
тыл билимин дуоктара, бэрэпиэссэр,
М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт,
Дьокуускай к.
С.А. Новгородов олорбут кэмэ – охсуһуулаах, олох тосту уларыйар сыллара этилэр. Онон омук кэскилэ диэн өйдөбүлгэ, сүнньүнэн, икки суол санаа түмүллэрэ. Бастакытынан, омук быһыытынан тыыннаах буолар сүбэни тобулуу. Иккиһинэн, омук үүнэр-сайдар тэрээһинин хааччыйар дьаһалларга кыттыы. Саха интэлигиэнсийэтэ В.В. Никифоровтан, А.Е. Кулаковскайтан саҕалаан, Арассыыйаҕа буола турар дьалхааннаах хабырыйсыылар, өрөбөлүүссүйэлэр түрбүөннэрэ саха омугун дьылҕатыгар туох-ханнык уларыйыыны киллэрэрин күүппэккэ, онтон туһанан кэскили оҥостор өйү-санааны, тэрээһини тэнитэн испиттэрэ. Баай сахалар оскуола туттарыытынан, учуутал үлэтин үбүлээһининэн, эмтиэкэ арыйтарар, үүнээйи оҕуруот аһын үүннэрэр, эргиэни тэнитэр дьарыкка о.д.а. саҥа сайдыыга тэтимнээхтик кыттан барбыттара.
С.А. Новгородов ити хамсааһын уһугуннарбыт ыччата буолан, бу үлэҕэ кыттар дьүккүөрдээх идэ талынар. Бу кэм сүрүн соруга норуоту сырдатыы, үөрэххэ, билиигэ, сайдыыга тардыы, көҕүлээһин этэ.
- Семен Андреевич Новгородов сахалыы үөрэҕи олохтуур үлэтин сүрүн ис номоҕо.
С.А. Новгородов 1913 с. ахсынньы ыйга Санк-Петербурга сылдьан, Норуот учууталларын Бүтүн Арассыыйатааҕы сийиэһигэр кыттар чиэскэ тиксибитэ. Онно кини «Сахалар, кинилэр оскуолалара уонна үөрэххэ бырааптара» диэн дакылаат оҥорбута. Саха дьонуттан биир бастакынан сахалыы үөрэтэр национальнай оскуола наадатын уонна ону судаарыстыба үбүлүөхтээҕин туһунан ирдэбил туруорсубута.
Саха норуотугар маассабай үөрэх төрөөбүт тылынан эрэ тэнийэр кыахтааҕын кини маннык быһаарбыта:
— оҕо төрөөбүт тылынан үөрэппитин дөбөҥнүк, умнубаттык өйдүүр;
— тугу үөрэтэрин өйдүүр буолан, үөрэххэ көҕө, тардыһыыта улаатар;
— төрөөбүт тылынан үөрэтии оҕо уйулҕатын, иэйиитин уһугуннарар. Онон оҕо үөрэх – сырдык, үөрэммэт – хараҥа диэн итэҕэйэр;
— оҕо билбэт тылынан үөрэнэн, лаппа улаатыар дылы тугу үөрэтэрин дириҥник өйдөөбөт, онон үөрэппитинэн ситэри туһанар кыаҕа суох буолар. Ол түмүгэр оҕо билбэт тылынан маассабай үөрэҕи тэнитэр кыах суох.
Төрөөбүт тылынан үөрэҕи олохтуур сүрүн суолларынан манныгы ыйбыта:
— бу үлэни судаарыстыба көҕүлүөхтээх, тэрийиэхтээх, үбүлүөхтээх;
— үөрэх кинигэтэ кичэйэн, тилэри оҥоһуллуохтаах, таба тарҕатыллыахтаах;
— үөрэтэр учууталлар эрдэ бэлэмнэниэхтээхтэр;
— үөрэххэ оҕо билэр, кини өйүгэр, уйулҕатыгар чугас чахчылар, көстүүлэр туһаныллыахтаахтар;
— судургутук, кэпсэтии тылынан бары биридимиэттэри орто оскуола таһымынан саха тылынан дэгиттэр үөрэтэр кыах баар. Ону туһаныахха.
С.А. Новгородов бу үлэҕэ кыттыыта биһиги сахалыы үөрэтиини кэҥэтэрбитигэр холобур буолар чахчылардаах:
— маҥнай оҥоһуллубут үөрэх кинигэтэ оскуолаларга кэмигэр кыайан тиэрдиллибэтэҕэ;
— үөрэх кинигэтин тылын үгүс билээччи чочуйуута;
— үөрэх кинигэтин оҥорууга дьоҕурдаах дьону кытыарыы;
— үөрэх кинигэтинэн үлэлээһини холоон көрүү;
— үөрэтэр дьону анаан бэлэмнээһин, үөрэтии;
— үөрэх кинигэтин ойуулаан, үчүгэй кумааҕыга бэчээттэтии;
— үөрэтэргэ оҕо уйулҕатын таарыйар, бэйэ омугун сиэрин, үөрүйэҕин туһаныы.
Сахалыы үөрэхтээһин саха омугар олохсуйуутун төһө да үөһээ былаас өйөөтөр, тэрийдэр маны утарааччылар, өйдөөбөт дьон аҕыйаҕа суохтара. Кинилэр сэрэхэдийиилэрин сүрүн төрүөттэринэн буолаллара:
- Саха тыла үөрэҕи, сайдыыны тэнитэр кыаҕа суох, оҕо салгыы үөрэххэ тахсыытыгар мэһэйдиир, аралдьытар, бытаардар эрэ кыахтаах.
- Оҕо нууччалыы билиитин мэһэйдиир, нуучча култууратыгар сыстарын, чугаһыырын атахтыыр, бэйэ кыараҕас эйгэтинэн муҥурданарга сирдиир…
- Үөрэх кинигэтин оҥоруу кыаллар кыаҕа суох, тиэримин да, оҥорор кыахтаах дьон да суох. Уонна бу үлэ улахан ороскуоттаах.
- Сахалыы үөрэтиини киллэрэр учууталлар, онно наадалаах атын да идэлээхтэр суохтар, кинилэри бэлэмнээһин кыаллар кыаҕа суох.
С.А. Новгородов атын биһиги курдук омуктар холобурдарыгар олоҕуран, саха тыла хайа баҕарар наука төрүттэрин туһунан билиини тэнитэр, тарҕатар кыахтаах, тиэримини эрэ уларсан туһаныахха сөп диэн дакаастаабыта.
Оҕо төрөөбүт тылынан үөрэниитэ дөбөҥнүк билии ылар усулуобуйата буоларын таһынан, нууччалыы олохтоохтук билэригэр көдьүүстээх диэбитэ. Кини нууччалыы биллэрэргэ маннык суоллары ыйбыта:
— Нуучча тыла үөрэх биир сүрүн биридимиэтин быһыытынан үөрэтиллиэхтээх.
— Үрдүкү кылааска тахсыбыт оҕо салгыы үөрэнэригэр туһалаах буоллун диэн, улууска нууччалыы үөрэтэр 5-6 орто оскуоланы тэрийиэххэ сөп. Атын оскуолалар бары сахалыы тыллаах буолуохтаахтар.
Манна биһиги С.А. Новгородов үөрэх, сайдыы уонна нууччалыы билии тус-туһунан ис хоһоонноохтор диэн араарарын көрөбүт. Кини оҕо 5-6 сыл хара ааныттан нууччалыы үөрэннэҕинэ, нууччалыы мөлтөх суруксут буолар. Оттон төрөөбүт тылынан үөрэттэххэ атын хартыына үөскүүр. Кини этэр: «Лучше быть хорошо грамотным на родном языке, чем на чужом плохо» (ВПРН, 55).
С.А. Новгородов сахалыы үөрэтэр учууталлары анаан бэлэмнээһини Дьокуускайдааҕы училищеҕа, Иркутскай университетыгар арыйыахха сөбүн туһунан этэрэ. Маныаха ол дьон саха суругун эрэ буолбакка, саха устуоруйатын, тылынан уус-уран айымньытын, литэрэтиирэтин кытта билсиэхтээхтэрин, атыннык эттэххэ, саха тыыннаах буолуохтаахтарын тоһоҕолоон бэлиэтиирэ.
Онон С.А. Новгородов сахалыы үөрэтиини оскуолаҕа киллэрии сүрүн анабылынан оҕону үөрэхтээх, сайдыылаах оҥорорго суолу тэлии курдук көрөрө. Оттон дьиҥ түгэх өйдөбүлэ саха омуга уһун уоту оттор, нуучча омукка суураллыбат кэскилин тэрийэргэ дьулуһуу буолар эбит.
- С.А. Новгородов сахалыы суругу-бичиги олохтуур үлэтин сүрүн ис номоҕо
Семен Андреевич латыын кыраапыкатыгар олоҕурбут суругу-бичиги олохтуон иннигэр сахаҕа нууччалыы кырасдааныскай сурук баар этэ. Ол курдук О.Н. Бетлингк айбыт научнай алпаабытынан сахалыы бастакы уус-уран айымньылар суруллубуттара уонна хаһыаттарга, сурунаалларга сэдэхтик да буоллар, бэчээттэнэр буолан эрэллэрэ. Оскуолаҕа бу суругу үөрэтии киирэ илигэ.
С.А. Новгородов 1913 с. Санкт-Петербурдааҕы университет илиҥҥи омуктар тылларын үөрэтэр салаатыгар устудьуон буолаат, араас омуктар суруктарын уонна ону бэлиэтиир кыраапыкаларын кэтээн көрбүтэ. Ити кэмҥэ Аан дойду бары тылларын суругун аан дойдутааҕы биирдитэр бэлиэҕэ (транскрипцияҕа) көһөрүү үөдүйэн эрэрэ. С.А. Новгородовка түүр тылларын суругун бу кыраапыкаҕа көһөрүөххэ сөбүн туһунан санаа үөскээбитэ. Ол тоҕоостоох түгэн 1917 с. Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн үөскээбитэ. Саха үлэһиттэрин уонна нуучча бааһынайдарын холбоһуктаах сиийэстэригэр «эдэр социал-демократтар» сахалыы үөрэтэр оскуолалары арыйыы соругун туруорбуттара. Онуоха С.А. Новгородов бу сахалыы үөрэх судургутуллубут саҥа латыын кыраапыкатынан тэрийиллэрэ ордук көдьүүстээх буолуоҕун эппитэ. Ону сиийэс кыттыылаахтара өйөөбүттэрэ. Сайын буолбут уобалас учууталларын сиийэһигэр бу 1917 с. сахалыы үөрэтиини саҥа латыын кыраапыкатынан киллэрии сөптөөҕүн бэлиэтээбиттэрэ. Онон С.А. Новгородов В.М. Ионов оҥорбут буукубаарын саҥа сурукка түһэрэр суһал үлэҕэ туруммута. Балаҕан ыйын 4-с күнүгэр саҥа кыраапыканан оҥоһуллубут сахалыы тыллаах, «Сурук-бичик» диэн ааттаах, 2 б.л. кээмэйдээх буукубаар 4000 эксэмпилээринэн бэчээттэнэн тахсыбыта.
Өскө эдэр «сэссийээл дэмэкирээттэр» Саха саҥа суруга Саха тылын бааһынай тыла гына булкуйбат аналын уонна омук көҥүлүн мэктиэлиир өрүтүн суолталаабыт буоллахтарына, С.А. Новгородов саҥа сурук үтүөтүн маннык быһаарбыта:
- Нуучча кыраапыкатыгар олоҕурбут икки араас сурук баар: биирдэрэ Бетлингк О.Н. академик киэнэ, иккиһэ Д. Хитров аҕабыыт оҥорбута. Бастакыта олус уустук: ааҕарга киһи хараҕын буортулуур, ааҕыыны бытаардар; суруйарга табыгаһа суох, суруйууну бытаардар. Иккис алпаабыт нуучча дьонугар аналлаах, саха дорҕоонун уларытар, онон табыгаһа суох.
- Нуучча кыраапыкатыгар олоҕурбут сурук саха дорҕоонугар сөп түбэспэт, онон кини дорҕоонун тилэри таба биэрбэт. Ол түмүгэр Саха тылын дорҕоонун уларытар, алдьатар кутталлаах.
- Саҥа сурук саха дорҕоонун таба биэрэр, судургу, онон ааҕары дөбөҥсүтэр. Суруйарга табыгастаах буолан, түргэтэтэр, алҕаһаабат гынар.
Онон С.А. Новгородов айбыт алпаабыта Саха тылын дорҕоонун чөлүн харыстааһыҥҥа туһаайыылаах, оҕо үөрэнэрин дөбөҥсүтэр аналлаах эбит диэххэ наада.
Оттон С.А. Новгородов сурук бэлиэтиттэн аккаастаныыта Саха тылын үйэлээх үгэһин тутуһарга аналлааҕа эрээри, ордук, ааҕары бытаардар буолан, табыгаһа суох этэ.
Саха билиҥҥи нуучча кыраапыкатыгар олоҕурбут алпаабыта, С.А. Новгородов гиэнигэр холоотоххо үс сүрүн итэҕэстээх:
1) Саха дьуптуоннарын киллэрбэтэ сыыһа. Оҕо ити дорҕооннору алпаабыттан саҕалаан билиэхтээх.
2) Нуучча дорҕооннорун эбии киллэрэн, Саха тылын бааһынайдатарга туһаайар нууччаттан ылыллар тылы уларыппакка ааҕарга, суруйарга көҕүлүүр.
3) Саха бары дорҕоонун нуучча тылын дорҕоонун курдук саҥарарга, истэргэ күһэйэр. Онон нуучча тылын дорҕоонун эстиэтикэтигэр чугаһатарга сирдиир.
Бу балары билигин көннөрүөххэ сөп этэ диэн проф. И.Е. Алексеев туруорсара уонна онно тоҕоостоох алпаабыты айбыта кэрэхсэбиллээх. Маны бары өттүттэн чимпийэн көрүөххэ сөп этэ.
- Семен Новгородов саха тылын сайдар кэскилин туһунан көрүүлэрэ
Омук омук буолар биир сүрүн бэлиэтэ тыла буолар диир С.А. Новгородов. Кини дьадаҥы норуот эт-хаан өттүнэн да, өй-санаа өттүнэн кыайан сайдар кыаҕа суох, онон маннык омук өрө үүнэн үрдээн тахсарыгар тастан көмө наада буолар диир. Көҥүл буолар уонна атын омуктары кытта тэҥ буолар быраабы туһанарга үөрэх, сайдыы уонна бэйэ баһын билинии наадатын ыйар.
С.А. Новгородов Саха тылын баайа, имигэһэ, бэргэнэ, ылбаҕайа, дэгиттэрэ тылынан уус-уран айымньытыгар көстөрүн бэлиэтиир. Тылбыт сахалыы үөрэҕи тэнитэргэ, суут, дьыала-куолу докумуонун тылбаастыырга, үөрэх кинигэтин айарга, уус-уран литэрэтиирэни сайыннарарга, тылы бэйэтин чинчийэргэ да толору кыахтаах. Тиэримини эрэ атын омуктан уларсыахпытын наада диир.
С.А. Новгородов омугу сайыннарарга интэлигиэнсийэ, земство уонна судаарыстыба көмөлөһүөхтээхтэрин, ол гынан баран духуобунай сайдыы балачча таһымын ситиһэн, бэйэни дьаһанар аптаныамыйаны ылыахтаахпыт диэн сорук туруорар. Кини омук омук быһыытынан үүнэн-үрдээн тахсарыгар тас сайдыыны ылынара наадатын тэҥинэн, ураты өйө-санаата бөҕөргүүрүгэр тылынан уус-уран айымньытын хомуйуу оруоллаах буолуоҕун тоһоҕолоон ыйар.
Арҕаа дойду цивилизацията биһиги курдук омуктарга хабыр, хаҕыс сыһыаннаах. Үгүс Сибииргэ олорор омуктар имири эһиннилэр, сорохторо эстэн бүтэн эрэллэр. Аны биһиги уочараппыт кэллэ. Биһиэхэ кэнэҕэскибитин быһаарынарбытыгар иккиттэн биир суол турар: өлүү, эстии, эбэтэр көҥүл сайдыы диир С.А. Новгородов.
Омуктар уһуктар, Россия империятыгар бутуур үөскүүр кэмэ үүннэ… «Такие моменты, когда наступают благоприятные условия для того, чтобы держать исторический экзамен на высокое звание культурного племени, повторяются весьма редко. Упустив нынешний момент, мы не скоро дождемся столь благоприятного для нас стечения исторических обстоятельств» (ВПРН, 44).
Манна кини үөрэҕи, суругу, култуураны уонна баайы-дуолу сайыннарыыны бүтүннүүтүн түмэн этэр. Уонна ону ситиһэргэ испитигэр түмсүүлээх, таспытыгар тэрээһиннээх буолуоҕуҥ диэн ыҥырар.
С.А. Новгородов тылы сайыннарыы туһунан санааны туспа анаан эппэт. Ити кэмҥэ тылы тутуу боппуруоһа саҥа күөдьүйээри турара. Кини саха тылын туттуллар эйгэтин тылбааһынан кэҥэтии, саха тылын үөрэххэ, кинигэ таһаарыыга, бэчээккэ туттуу туһунан санааны этэр. Суругу саҥарар курдук суруйар, тиэримини «уларсар» сөбүн ыйар.
Бүгүҥҥү күн үрдүгүттэн уонна билиҥҥи кэм кыһалҕатыттан С.А. Новгородов саха суругун олохтуур уонна сахалыы үөрэҕи тэнитэр үлэтигэр саха тылын кэскилигэр сыһыаннаах маннык сүрүн санаалары буллубут.
Бастакытынан, тыл кэскилэ уонна сайдар тосхоло кини кыраапыкатыттан быһаччы тутулуктаах. Табыгастаах кыраапыка тыл дорҕоонун систиэмэтин үйэлээх үгэһин харыстыыр, табыгаһа суох – алдьатар. Биһиги билиҥҥи кыраапыкабыт саха тылын үгдэлитэр аналлаах.
Иккиһинэн, сахалыы сурук быраабылата кини сүрүн сокуонугар олоҕуран оҥоһуллуохтаах. Ол гынан баран, тыл олоҕун саҕаланыытын сурук тыла өйдөнүмтүө буоларын туһугар морполуогуйа ирдэбилин тутуһан суруйуллуохтаах. Омуктан киирэр тыл сахатытыллыахтаах. Атыннык эттэххэ, суруйуллуута уонна ааҕыллыыта туспатыйар тыллар таба саҥарыы быраабылатынан чопчуланыахтаахтар.
Үсүһүнэн, саха тыла – саха омугун өйүн-санаатын, сайдыытын хааччыйар бары эйгэҕэ киэҥник туттулларын ситиһиллиэхтээх. Тыл омук олоҕун тыын кыһалҕатын хааччыйар оруолуттан тохтоотоҕуна (ордук иитэр, үөрэтэр эйгэҕэ) кэхтэр, өлөр суолга барар. Ол омук эстиитигэр тиэрдэр. Онон хас биирдии саха үөрэхтээҕэ, туһааннаах эйгэтигэр тыл туттуллар иитин кэҥэтэр иһин туруулаһыах тустаах.
Төрдүһүнэн, тас сайдыыны биһиги омук тиэриминин туһанан төһөнү баҕарар ылыныахпытын син. Оттон сахалыы куппутун-сүрбүтүн, тыыммытын, омук быһыытынан ураты дириҥ өйбүтүн-санаабытын илдьэ сылдьар тылынан уус-уран айымньыбытын мунньуох, харыстыах, ыччаппытыгар иҥэриэх тустаахпыт.
С.А. Новгородов төрөөбүт сахатын норуота өлбөт-сүппэт сүбэтин булар туһунан ыралаабыт эрэ буолбакка, ону олохтоһорго тус кыһалҕатын аахсыбакка үлэлээбит киһи. Онон кини бары дьүккүөрүн биһиги өссө дириҥник үөрэтэн, омук быһыытынан олохпутун оҥостор үлэбитигэр санаа, сүбэ ылыах, сорох ардыгар үтүктүөх да тустаахпыт. Ону дириҥник ылынарбытыгар өйбүт-санаабыт олоруута, сүрэхпит тардыстыыта улахан оруоллааҕа өйдөнөр. Онон С.А. Новгородов нэһилиэстибэтигэр дириҥник өтөн киириибит биһиги сайыннахпыт аайы өссө сайдан, дириҥээн иһиэҕэ.
This post was published on 05.02.2021 11:02 11:02