Дьокуускайга Мэҥэ Хаҥалас улууһун күннэрин чэрчитинэн СӨ национальнай библиотекатын историческай саалатыгар С.З. Борисов “Иэстэбил” сэһэнин сүрэхтэниитэ буолла. Биллэр судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай деятель Семен Захарович бу айымньытын биэнсийэҕэ тахсан баран суруйбута.
Сэһэн сүрүн дьоруойа Кэнчээри оҕо эрдэҕиттэн Манчаары Баһылай туһунан номохтору истэ улаатан, үлэһит дьон көҥүлүн туһугар туруулаһар.
Интэриэһинэйэ диэн сэһэн отучча сыл буолан баран, ааптар өлбүтэ 16 сыл буолбутун кэннэ, бу соторутааҕыта “Бичик” кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн таҕыста. Кинигэ тахсыытыгар рукопиһын сыа-сым курдук харайбыт кини огдообото Мария Егоровна уонна бэчээккэ бэлэмнээбит, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр салайааччы Владимир Птицын улахан үтүөлээхтэр.
Кинигэ сүрэхтэниитигэр суруйааччы, саха тылын уонна литературатын учуутала Константин Сосин сүрүн дьоруой Кэнчээри уобараһын киэҥник ырытта. Тыыллыма оскуолатын учуутала Евдокия Егорова Кэнчээри арыгыга кытаанах сыһыанын, айымньыга сир боппуруоһа таарыллыбытын бэлиэтээтэ уонна бу сэһэни ыччаттарга аахтаран, ырыттарыахха диэн этии киллэрдэ. Юрист идэлээх Николай Борисов айымньыны саха тылын-өһүн баһылаабыт, айымньы жанрын билэр киһи суруйбут диэн хайҕаата. Манчаары Баһылай туһунан хасыһан үөрэппитин, дьон бэйэ-бэйэлэригэр сыһыанын таба ойуулаабытын бэлиэтээтэ. «Ааҕыам иннинэ баартыйа бэлиитикэтин суруйбута буолуо дии санаабытым, хата, биир саҥа суруйааччы көстөн кэллэ», — диэн үөрүүтүн үллэһиннэ Николай Калитин.
This post was published on 25.03.2016 17:41 17:41