Сэллигэ суоҕу туоһулуур ыспыраапканы олорор сиргинэн онлайн ылыахха сөп

Дьыссаакка оҕону биэриигэ ирдэнэр сэллигэ суоҕу туоһулуур ыспыраапканы олорор сиргинэн онлайн ылыахха сөп. «Сервис облачной поликлиники» көмөтүнэн. Фтизиатрия киинин диэриэктэрин солбуйааччы Мария Винокурова ол туһунан социальнай ситимҥэ эттэ. «Госуслугаҕа» регистрациялаах буолар эрэ наада, суруйар СИА.


«Ыспыраапканы сэллик диспансерын учаастактааҕы оҕо бырааһыттан ылыахха сөп. Быраас толорон баран, сканердыыр уонна электроннай почтаҕар ыытар», — диэтэ Мария Винокурова.

Санатабыт, 2020 сыл бэс ыйын 1 күнүттэн регион доруобуйа харыстабылыгар министиэриистибэтэ коронавируһу утары охсуһууга анаан «Облачная поликлиника» телемедицина систиэмэтин киллэрбитэ. Бу онлайн-консультациялары ыытыыга уонна дьон доруобуйатын туругун кэтээн көрүүгэ туһалыыр. Хайдах үлэлиирин бу сигэнэн киирэн СИА матырыйаалыгар аах.

This post was published on 15.12.2020 16:01 16:01