Сэлиини хостооһун туһунан сокуон федеральнай таһымҥа көрүллүөҕэ. Бу Арктика олохтоохторугар, сэлии муоһунан дьарыктанааччыларга, көҥүллээх дохуоту ылалларын хааччыйыаҕа. Боппуруоһу норуоттар икки ардыларынааҕы Арктикатааҕы форумҥа РФ экологияҕа миниистирэ Александр Козлов уонна Ил Дархан Айсен Николаев көтөхтүлэр, СИА суруйар.
Айсен Николаев: «Бу хайысханы салайан биэрэр федеральнайдааҕы сокуон суоҕа Арктика олохтоохторо көҥүллээх дохуот киллэринэллэригэр харгыстары үөскэтэр. Илини сайыннарыы министиэристибэтэ биһиги этиибитин өйүүрүгэр эрэллээхпин, сотору кэминэн сөптөөх сокуон ылыллан, тыһыынчанан дьон дохуоттаах буолара хааччылларыгар».
Александр Козлов: «Соторутааҕыта айылҕа кыаҕыгар, бас билиигэ уонна сир сыһыаннаһыыларыгар Госдуума кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Николаевтыын кэпсэтии барбыта. Онно бу сокуон бырайыага эмиэ дьүүллэһиллибитэ, онон аныгыскы көрүүгэ этиини киллэриэхпит«.
This post was published on 26.11.2020 12:01 12:01