30 Кулун тутар 30.03
  • -16°
  • $ 92,37
  • 99,53

Сэбээн Күөлүгэр бөрөнү бултааһыҥҥа анал биригээдэ наада

15:57, 19 февраля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бөрө ураты өйдөөх кыыл буолан, бултаһар дьон улахан эрэйи көрсөллөр. Эбиитин Сэбээн Күөл сирэ-уота хайалаах, хойуу мастаах. Быйыл хаара чараас буолан, бары өттүнэн кыыл куотарыгар, саһарыгар табыгастаах. «Тоҕо бу биһигини бөрө буулаата, баар-суох табабытын эһэригэр тиийдэ», — диэн санаа Сэбээн Күөл олохтоохторун ытарчалыы ылар.


«Сэбээн» ГУП кылаабынай зоотехнига, тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, үлэ бэтэрээнэ Иннокентий Бурцев маннык кэпсээннээх буолла: «Сэбээн бөһүөлэгэр кэтэх табалардыын холбоон 8000-ча табалаахпыт диибит да, күн аайы ыстаадалартан 10-15-тии табаны бөрө тутта диэн аймана олороллор. Онон сааскы хараал саҕана саамай кырата 500-чэкэ табанан итиирбит буолуо. Бөрөнү урут наар дьаат күүһүнэн тутан олорбуппут. Сылга 12-лии оҕону төрөтөр кыылы атыннык хайдах уодьуганныаххыный? Саатар 90-с сылларга «бөрө-санитар» диэн эмиэ бобо сылдьыбыттара. Дьааттан саһыл, киис эмиэ өлөр диэн куолулууллар да, урут үгэннээн тутта сылдьар кэммитигэр, кадровай булчуттар былааннарын аһара толорор этилэр. Билигин бөрө элбээн, саһыллааҕар буолуох мэлийдэ. Адьас кыайтарар туруктан таҕыста. Дьиҥэр, үөр бөрө бас-көс атыыра бэйэтэ бас билэр территориялаах буолар этэ. Хомойуох иһин, итинник олохтоох бас-көс бөрөлөрбүтүн өлөртөөн кэбистибит дуу, олох “беспредел” буолла. Онно аны мэнээктии сылдьар айан бөрөлөрө эбиилэһэллэр.

Онон хас биирдии табаһыт ханнык бөрө кини табатын үөрүн буулаабытын эндэппэккэ билиэхтээх, олохсуйаары гыммыт бөрө дуу, ааһан иһээччи дуу диэн. Өскөтө 1-2 табаны сиэн баран тохтообут, иһин хостоон хаһааммыт буоллаҕына, ол аата олохсуйарын бэлиэтэ. Биир ыйынан эргиллэн сиир эбэтэр аймахтарыгар бэрсэр. Оттон киэҥ эйгэлээхтэр барытын тоҕо-хоро сиэн баран айанныы тураллар.

Аны бөрөҥ өһүөннээх. Кинини бултаспыт киһи табатын анаан тардар. Ол иһин олохтоох дьонтон хас да киһи бөрөлүүртэн аккаастанна.

Бөрө таһаарар хоромньута туох да улахан. 800-тэн тахса табаны тутта, арай оччону судаарыстыбаҕа туттарбыт буоллар, уонтан тахса мөл. суумаҕа тэҥнэһиэ этэ. Бэйэбит да ботуччу тутан хаалыа этибит. Мин Ил Дархан Егор Борисов судаарыстыба биэрэр харчытыгар оҥорон таһаарар бородууксуйаны сайыннарыахха наада дииригэр сөбүлэһэбин. Ол эрээри ити арбайдыы сылдьар ардай аһыылаахтар баалларын тухары ол кыаллар кыаҕа суох. Нэһиилэ тутан хаалбыт табабытын хайдах эккэ ыытан кэбиһиэхпитий».

Оттон “Олень” община биригэдиирэ Владимир Захаров маннык көрүүлээх: “Биригээдэбэр 400-тэн тахса табалаахпын, ону үһүө буолан көрөбүт. Ону таһынан бөрөлүүбүн, сылга үһү хаһы ылабын. Бөрөнү бултаһар уустук, мин үс сылы быһа сыралаһан-сыралаһан бастакы бөрөбүн хапкааҥҥа ылбытым. Саамай элбэҕэ биэһи туттарбытым. Дьаат туттулларын саҕана син элбэҕи өлөрөөччүбүт. Өйө, сэрэҕэ бэрт. Табалары кытта сылдьаргын көрдө да саһар, барбытыҥ кэннэ кэтээн туран киирэр. Саа ылбат сирин эмиэ билэллэр, ыраахтан көрөн турар буолаллар.

Иккис сылын манна Аляска бөрөтүн курдук хара бөрөлөр көстөр буоллулар, биһиэннэрин курдук буолбатахтар. Быдан баламаттар, суоллара да улахан. Урут олохтоох бөрө үөрэ эрэ баар буолара, билигин биир сиргэ хас да үөр баар, ахсааннара уларыйа сылдьар. Бултаһар киһини өһүүр дииллэр да, олорон биэриэхпит дуо инньэ диэн. Олох да эһэр буоллахтара. Урут ыстаадаҕа биир бөрө кэллэҕинэ аймалҕан буолан, бөртөлүөтү ыҥыртараллара. Билигин оннук бултаһар кыах суох, элбэхтэрэ да бэрт. Онон бөртөлүөтү көтүтэр үп суотугар хамнастаан, бултуур тэриллээн, «бураннаан», таҥаһын-сабын тэрийэн анал биригээдэ тэрийэллэрэ буоллар быдан көдьүүстээх буолуо этэ”.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар