«Сделано в Якутии» маркетплейс куруук сайдар. Билигин омук талларыгар тылбаастаныаҕа. Саха табаардара Россия регионнарыгар эрэ буолбакка, Европа дойдуларыгар тарҕаннылар, суруйар СИА.
«Олохтоох дьон биһиги предпринимателлэрбитин өйүүллэригэр баҕарабын, бородуукталарын «Сделано в Якутии» маркетплейска атыылаһан. Куруук сайдар, сыл бүтүүтэ омук тылларыгар тылбаастыахпыт. Бу олус кэскиллээх былаһаакка, биһиги олохтоох бизнеһи өйүүбүт», — диэтэ предпринимательство уонна туризм миниистирэ Ирина Высоких соцситимнэргэ.
Кини Саха сирин олохтоохторун ааспыт сыл бүтэһигэр арыллыбыт «Сделано в Якутии» маркетплейска кыттыһалларыгар ыҥырда.
This post was published on 25.05.2021 14:02 14:02