«Саюрига» 2023 сылга 2,4 тыһ туонна оҕуруот аһын үүннэрдилэр

Хаартыска: Мария Васильева, ЯСИА

Сылы эргиччи үлэлиир «Саюри» тэпэлииссэ комплексыгар 2023 сылга 2,4 тыһ туонна оҕуруот аһын үүннэрдилэр. Сыл бүтүүтэ былаан 100% туолар — 2440 туонна, диэн кэпсээтэ агрокомплекс генеральнай директора Сергей Балнайтис.

«Саюри» Дьокуускай куорат нэһилиэнньэтин оҕуруот аһыгар наадыйыытын 25% толорор. Бастатан туран, оҕо саадтарын, оскуолалары, балыыһалары уонна атын социальнай тэрилтэлэри.

Тэпэлииссэҕэ сүрүннээн оҕурсуу, томат, күөх үүнээйи олордуллар.

This post was published on 28.12.2023 15:01 15:01