Сатаҕайга Герой Лукин аатынан хаһаайыстыба ыччат сүөһү хотонун уонна гараһы тутан үлэҕэ киллэрдэ

Быйылгы кыстыкка Сатаҕайга Лукиннар бэртээхэй тутуулардаах кыстыкка киирдилэр. Ол курдук бэйэ кыаҕын ааҕынан-суоттанан көрөн баран, ыччат сүөһүгэ диэн анаан-минээн 100 төбө киирэр хотонун уонна техника саахала суох үчүгэйдик үлэлиирин, үлэһиттэр сылаас сиргэ тимир көлөлөрүн көрүннүннэр диэн санаанан салайтаран, 9 улахан техника киирэр гараһын тутан бүтэрдилэр.


Саҥа тутууларын бу ааспыт нэдиэлэҕэ бар дьонноругар көрдөрдүлэр.

Хаһан да буоларын курдук алгыс этиллэн, аал уот оттуллунна. Алгыһы Сатаҕай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо И.Н. Адамов-Айдын Мургун толорон, хаһаайыстыба тутуулара үйэлээх, баай-дуол үксүүрүгэр төһүү буолалларыгар, үлэһиттэр үлэлиир сирдэрин харыстыы сылдьалларыгар баҕарда.

Бу тутуубутун атырдьах ыйыттан ыла саҕалаан тутан, 1,5 ыйынан түмктээтибит. Чэпчэки конструкция ньыматынан тутулунна. Уопсайа 14 киһи үлэлээтэ. Бетонугар «Хаҥалас-риелти» хампаанньа кэлэн көмөлөстө. Онтон атыныгар барыта олохтоох ыччат үлэлээтэ. Хотоҥҥо 11,5, гаражка 3,5 мөл. солкуобай ороскуоттанна. Хантан да субсидия да, грант да харчыта ылбакка, бэйэбит эргитэр үппүтүн аттаран туруоран тутуннубут. Тоҕо диэтэргит бу тутуулар биһиги хаһаайыстыбабыт инники сайдыытыгар олус наадалаахтар. Эһиил өссө эрдэ тутуллубут 120 ынах сүөһү турар хотонугар өссө эбии итиччэ ынах турар хотонун тутаары гынабыт. Оччотугар барыта эргиччи тыа хаһаайыстыбатын комплекса буолан үлэлииргэ-хамсыырга табыгастаах буолуо этэ,- диэн кэпсээтэ хаһаайыстыба салайааччыта В.С. Онуфриев.

Дьэ чахчы бэртээхэй тутуулар. Ыччат сүөһү, ол эбэтэр хаһаайыстыба инники кэскилэ урукку эргэ, сииктээх хотонуттан көһөн, сырдык, киэҥ уораҕайдаммыт. Манна эдэр киһи үлэлии сылдьарын көрөн үөрдүм. Кэпсэтэн билсибиппит, Сатаҕай төрүт ыччата Николай Адамов дойдутугар кэлэн үлэлээн эрэр эбит. «Манна 100-тэн тахса сүөһү киириэхтээх. Билигин уопсайа 95 борооску уонна тиҥэһэ турар. Соҕотохпун. Ноһуомнарын ыраастыыбын, аһатабын. Уулара автоматически хоруудаларыгар кэлэр. Билиҥҥитэ туруктара үчүгэй»,- диэн бэрт сэмэйдик кэпсиир Николай.

Онтон гараһы баран көрдүбүт. Сып-сылаас, быр курдук. Билиҥҥитэ аҕыйах тыраахтыр турар. Кэлбит дьон бары бэртээхэй тутуулар буолбуттарын бэлиэтээтилэр. Тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээн үлэһиттэрэ, хаһаайыстыба сайдыытыгар үгүс көлөһүннэрин тохпут кырдьаҕаастар бу курдук саҥа тутуулар дьэндэһэн, сайдыы баран иһэриттэн бэркэ астыналларын биллэрдилэр.

ТХУ начальнигын э.т. И.С. Кононов этэринэн, бу маннык аныгы технологиянан ыччат сүөһүгэ диэн ананан тутуллубут хотон бастакы буолар. Инникитин бу бырайыагынан атын да хаһаайыстыбалар туттуохтара диэн эрэнэр.

This post was published on 25.10.2016 17:05 17:05