Сатаҕай тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ икки нэдиэлэ ыанньыксыттыыллар

Амма улууһун Сатаҕай нэһилиэгин судаарыстыбаннай сулууспалаахтара хотоҥҥо үлэлии таҕыстылар. Т. Лукин аатынан хаһаайыстыба ыанньыксытын икки нэдиэлэ солбуйуохтара.


Сэбиэскэй кэмнээҕи үтүө бачыымы төннөрөн Сатаҕай нэһилиэгин сулууспалаахтара Т. Лукин аатынан хаһаайыстыба ыанньыксытын хотоҥҥо солбуйа таҕыстылар. Оскуола, уһуйаан, дьаһалта бэрэстэбиитэллэрэ, ОДьКХ, култуура киинин үлэһиттэрэ икки нэдиэлэ устата хороҕор муостаахтары көрүөхтэрэ-истиэхтэрэ.

Хаһаайыстыбаҕа биэс ыанньыксыт көрүллэриттэн, биир үлэ миэстэтэ аһаҕас турар. Саас буолан төрүөх эбиллэн, үлэһит илии тиийбэт буолбутугар нэһилиэк дьаһалтата тэрилтэлэри көмө буола тахсарга ыҥырыы оҥордо.

“Нэһилиэкпит биир тутаах тэрилтэтигэр үлэһит тиийбэт буолан, биир да тэрилтэ туора турбакка, ыанньыксыты солбуйа таҕыстыбыт. Бастакы күммүтүттэн бу наһаа ыарахан, тулууру эрэйэр үлэ эбит диэн итэҕэйдибит. Соҕотох киһи өрөбүлэ, бырааһынньыга суох ынах ыыр, уулатар, саах күрдьэр, от ыһар. Ылбычча киһи кыайыа суох.

Онон Сатаҕайга эрэ буолбакка, улууска тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар, эти-үүтү дэлэтиигэ, дьон үлэлээх буолуутугар сүрүн оруолу ылар хаһаайыстыбабыт сайдыытыгар кыра да буоллар кылааппытын киллэрэбит диэн үөрэбит”, – диэн оскуола дириэктэрэ Иванна Шишигина этэр.

Үлэ геройдаах Сатаҕай нэһилиэгэ үлэһит дьонноох буолан сайдар, олохтоохторо бородууксуйаны дэлэтэллэр, суруйда https://www.instagram.com/amma_olo5o/

This post was published on 25.03.2021 10:33 10:33