Сартаҥнар сайыҥҥы үлэҕэ бэлэмнэниилэрэ саҕаланна

Сартаҥ нэһилиэгэ оту дьапталҕалаан рулоннуур тэрил атыылаһан, «Полиметалл» хампаанньа тэрилтэтин көмөтүнэн сиринэн тиэйтэрэн, Барыласка аҕалтарда. Аны сайын оту өлгөмнүк сомсорго бэлэм саҕаланна.


Барылас ааспыт сыл түмүгүнэн, сүөһү төбөтүн ахсаана биир киһиэхэ тиксиитинэн өрөспүүбүлүкэҕэ маҥнайгы миэстэҕэ сылдьар. Олохтоох баһылык Анастасия Аммосова «Бу от хомуйар техника көмөтүнэн оппутун пресстээн, рулоннаан тиэнэрбитигэр Сартаҥ дьаһалтата улаханнык көмөлөстө», — диэн Сартаҥ дьаһалтатыгар махтанар.

Ити курдук, окко улахан көмөлөөх техника Барылас отун тиэйиигэ көмөлөһөөт, Сартаҥҥа ыытыллыахтаах.

Сартаҥ нэһилиэгин баһылыга Наталья Владимировна Слепцова: «Наһаа наадалаах тэрилбитин атыылаһан аҕалтардым, Барылас кэнниттэн бэйэбит оппутун тиэниэхпит. Сүөһү аһылыгын туһунан эттэххэ, эбии аһылыгы куорат сыанатынан сакаастаан, 24 туонна эбиэс, уотурба, туус аҕалылынна. Өссө 90 туонна от кэлиэхтээх. От хаачыстыбата үчүгэй. СӨ Бырабыыталыстыбата, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ, улууспут көмөлөрүнэн кэмигэр толору хааччылынныбыт», — диэн үлэ-хамнас хаамыытын сырдатар.

Икки нэһилиэги бигэтик тутан олорор баһылык кыргыттар биир санаанан үлэлииллэр. Сайын Сартаҥтан тэриллэн, мобильнай биригээдэлэр кэлэн оттообуттара,ол түмүгэр быйылгы томороон тымныылаах кыһыны этэҥҥэ туораан эрэллэр.

Аҕыйах ыйынан үүт-сүөгэй элбиэ, хойдуо турдаҕа, ыаллыы сытар Полиметалы үүт аһынан хааччыйарга сорук турар.

Барыластан 60 килэмиэтир тэйиччи баар «Полиметалл» тэрилтэ үрүҥ көмүһү чинчийэр лабораторията 2017 cылтан тэриллэн үлэлиир. 2018 сылтан улуус социальнай-экономическай сайдыытыгар бииргэ үлэлээһин сиэринэн, социальнай бырагарааммалар, акциялар ыытыллан олоххо киирэллэр.

This post was published on 02.03.2020 16:55 16:55