Саха сиринээҕи гидрометеокиин иһитиннэрбитинэн, бүгүн, балаҕан ыйын 7 күнүгэр, хотугулуу-илин, хотугулуу-арҕаа, соҕуруу уонна Өлүөнэ өрүс алын тардыытыгар быстахтык ардыыра күүтүллэр. Ону сэргэ хоту эргин инчэҕэй хаар түһүө. Анаабыр, Булуҥ улуустарыгар сөкүүндэҕэ 15-20 м түргэннээхтик тыалырыа. Түүнүн +1+6°С, халлаан халлыбытыгар, -5°С тымныйбыт, хаһыҥнаабыт. Күнүһүн +6+11°С, хоту+1+6°С, соҕуруулуу-илин, Халымаҕа +9+14°С. кыраадыс буолар.
Сарсын уонна өйүүн
Балаҕан ыйын 8-9 күннэригэр, Аллараа Халыма оройуоннарыгар уонна хоту кыратык ардыаҕа, соҕуруу уонна хотугулуу-илин инчэҕэй хаар түһэрэ күүтүллэр. Чуолаан балаҕан ыйын 8 күнүгэр соҕуруу уонна Уус Маайа оройуоннарыгар ардыыр, күүстээх тыал түһэр. Балаҕан ыйын 9 күнүгэр Томпо, Өймөкөөн оройуоннарыгар быстахтык ардыыра күүтүллэр. Түүнүн, ортотунан, 0,+5°С, халлаан халыннаҕына, -2-7°С тымныйар. Күнүһүн +6+11°С, соҕуруулуу-арҕаа, Халыма-Индигиир оройуоннарыгар +9+14°С, хоту, хотугулуу-арҕаа +2+7°С. кыраадыс буолара күүтүллэр.
Саха сирэ
This post was published on 07.09.2023 11:03 11:03