Сарсын, атырдьах ыйын 16 күнүгэр соҕуруулуу-илин, Арктика уонна Халыма улуустарынан кыралаан ардыыр, оттон түүн Уус Маайа улууһугар күүстээх ардах түһүөҕэ.
Хотугулуу-илин сөкүүндэҕэ 9-14 м/с диэри түргэннээх күүстээх тыалырыа, оттон Арктика улуустарынан сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 15-20 м/с түргэннээх буурҕа түһэрэ күүтүллэр.
Салгын температурата түүн +5+10°С, былыта суох буоллаҕына 0,+5°С, хотугулуу-илин, хотугулуу-арҕаа 0,-5°С кыраадыс тымныы, тоҥоруу түһэр. Күнүс салгын температурата +16+21°С, соҕуруулуу-илин +11+16°С, хоту +8+13°С, соҕуруулуу-илин +19+24°С, оттон атырдьах ыйын 17 күнүгэр +21+26°С диэри сылыйыа.
This post was published on 15.08.2024 17:58 17:58