Сарсын Дьокуускай куорат олохтоохторун "Самаан сайыны көрсүү" тэрээһиҥҥэ ыҥыраллар

Хаартыска: Ааптар тиксэриитэ

Саха музейа ыам ыйын 22 күнүгэр күнүс 11 чаастан Дьокуускай куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын “Самаан сайыны көрсүү” тэрээһиҥҥэ ыҥырар.

• 11:00 ч. – Олоҥхо театрын артыыстара, М.Н. Жирков аатынан музыкальнай колледж устудьуоннара уонна уһуйааччылара кыттыылаах Аан Алахчын Хотуҥҥа сүгүрүйүү сиэрэ-туома. Алгыһы СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, олоҥхоһут Валентин Исаков түһэрэр;

• 12:00 ч. – “Төрүт ас туһата билим чинчийиилэригэр олоҕуран” тыа хаһаайыстыбатын наукатын доктора, АГАТУ ас-үөл технологиятын уонна аһылык индустриятын кафедратын профессора Константин Степанов лекцията;

• 13:20 ч. – “Ыһыах туһунан саҥа быһаарыылар уонна өйдөбүллэр (археология уонна этнография чахчыларынан)” – биллиилээх археолог, этнограф Василий Попов лекцията;

• 11:40-13:00 – “Модун” СК үлэһиттэрэ тэрийэр сахалыы остуол оонньуулара.

“Самаан сайыны көрсүү” тэрээһин киириитэ босхо.

Буолар сирэ: Ленин пр. 5/2, музей тэлгэһэтэ

This post was published on 21.05.2024 15:33 15:33