Сарсын ардаҕы уонна этиҥи борогунуостууллар

Хаартыска: ЯСИА саайта

Сэрэдэҕэ, бэс ыйын 4 күнүгэр, Алдан уонна Нерюнгри оройуоннарыгар күүстээх ардах, этиҥ, күүһүрэр кэмигэр тыала 15–20 м/с. Киин улуустарга, Кэбээйигэ, Томпоҕо, Мииринэйгэ кыра, Ленскэйгэ, Өлүөхүмэҕэ, Эбээн Бытантайга, Дьааҥыга — сымнаһыар ардах түһэрэ күүтүллэр, УГМС иһитиннэрдэ.

Киин улуустарга түүн +5… +10 кыраадыс, хоту -2… +3, Арктика кытылынан — -2… -7.

Күнүс кииҥҥэ +18… +23, арҕаа уонна илин +12… +17, хоту +7… +12, Арктика кытылынан -1… +4.

Дьокуускайга сөҥүүтэ суох. Түүн +7… +9, күнүс +20… +22.

This post was published on 03.06.2025 18:10 18:10