Сарсыҥҥыттан ыла биллэ тымныйыаҕа

Алтынньы 13 күнүттэн Саха сирин сиригэр-уотугар тымныы салгын маассата кэлиэҕэ. Температура биллэ намтыаҕа, күүстээх тыал, хаар түһэрэ күүтүллэр.

«Алтынньы 13 күнүгэр, биһиги тымныы циклоҥҥа киириэхпит, хоту сиртэн тымныы кэлиэҕэ, инчэҕэй хаар ол кэннэ кыстык хаар түһэрэ күүтүллэр. Субуота күн тымныы түһүөҕэ, мантан ыла салгын температурата нуул эбэтэр онтон намыһах буолуоҕа. Тымныйыы кэмигэр Өлүөнэ аллараа тардыытыгар, арҕаа уонна киин оройуоннарга күүстээх тыаллаах буолуоҕа. Хотугулуу-арҕааттан сөкүүндэҕэ 15-20 миэтэрэҕэ диэри тыал түһэрэ күүтүллэр», — диэн күнү-дьылы кэтээн көрөр сулууспа начальнига Татьяна Маршалик кэпсээтэ.

Ол курдук, чугастааҕы сууккаҕа Ленскэй, Өлүөхүмэ, Мииринэй, Сунтаар, Хаҥалас, Алдан, Нерюнгри оройуоннарыгар температура тута 9-14 кыраадыс намтыыра күүтүллэр. Бу кэмҥэ сөкүүндэҕэ 15-20 миэтэрэҕэ диэри күүстээх тыал түһүөҕэ, сорох сирдэргэ ардахтыаҕа, инчэҕэй хаардыаҕа диэн, Саха сиринээҕи УГМС сэрэтэр.

This post was published on 12.10.2023 15:11 15:11