22 Сэтинньи 22.11
  • -31°
  • $ 100,68
  • 106,08

Сардана Трофимова Дохаҕа ыытыллыбыт аан дойду чемпионатыгар 22-с кэллэ

12:03, 28 сентября 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирин сүүрүгэ Сардана Трофимова аан дойдутааҕы марафоҥҥа 22-с кэллэ. Хомойуох иһин, олимпийскай нуорманы толорбото, бириэмэтэ — 2 чаас 52 мүнүүтэ 46 сөкүүндэ.


Марафон буолбут сиригэр Катерга, сүүрүү төһө да түүн буолбутун иһин, 30 кыраадыс куйаас турбута. Стартка 72 сүүрээччи тахсар, ити эрээри финишка бары тиийбэттэр.

Сардана Трофимова саҕаланыытыгар олус түргэнник сүүрэр, лидерга тахсар, ити эрээри хас да килэмиэтири барбытын кэннэ, кинини африканскай континентан сылдьааччылар ситэн бараллар. Дистанция ортотугар Сардаана 20-стэр ортолоругар киирэр. Ити кэнниттэн быһа трансляция камерата кинини көрдөрбөт буолар.

Трофимова финишка 22-нэн кэлэр, бириэмэтэ — 2 чаас 52 мүнүүтэ 46 сөкүүндэ. Оттон Олимпиадаҕа путевка ыларга түмүк көрдөрүү 2 чаас 29 мүнүүтэ 30 сөкүүндэттэн тахсыа суохтаах. Спортсменка атын квалификационнай күрэхтэһиилэргэ кыттыан сөп.

Аан дойду чемпионкатынан Кения бэрэстэбиитэлэ тахсар.

Бэлиэтээн этэр буоллахха, биһиги кыыспыт норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһиигэ кыттар быраабы марафон буолара икки эрэ нэдиэлэ хаалбытын кэннэ туппута. Онон сыаллаахтык бу күрэхтэһиигэ бэлэмнэммэтэх, онто кини кыаҕын ситэри туһанарыгар мэһэйдээбит буолуон сөп.

Сардана Трофимова аан бастаан аан дойду чемпионатыгар сүүрдэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА