Муус устар 2 күнүгэр Сочига марафоҥҥа Арассыыйа чемпионата буолуоҕа. Марафон билиҥҥи кыайыылааҕа Сардаана Трофимова куоталаһыыга кыттыбата билиннэ. Ол да буоллар, Саха сириттэн киһи эрэнэр сүүрүктэрэ кыттыахтара. Бу туһунан биллиилээх тренер Татьяна Жиркова иһитиннэрбитин, СИА кэпсиир.
«Сардаана Трофимова старты көтүтүөҕэ. Ол гынан баран, мин бөлөхпүттэн Надежда Бут, Алена Татаринова, Саргылана Седалищева кыттыахтара. Иккис күн полумарафон буолар, онно эмиэ кыттааччылар бааллар, ол иһигэр бэйэлэрэ сөбүлээн дьарыктанар дьон. Надежда Бут былырыын Арассыыйа чемпионатыгар топ- 10 киирбитэ, быйыл кини уонна Алена Татаринова үчүгэй настройдаахтар. Билигин Кисловодскайга бэлэмнэнэ сылдьаллар», — диэн кэпсээтэ Татьяна Жиркова.
Марафон Сочига Автодром диэн трассаҕа буолуоҕа, бу трасса Европа үрдүнэн саамай көнө уонна түргэн трасса буоларынан биллэр. Санатан эттэххэ, былырыын Сардаана Трофимова Арассыыйа чемпионатыгар дистанциятын 2 чаас 28 мүнүүтэ 28 сөкүүндэнэн сүүрбүтэ.
Полумарафон дистанциятыгар Дьокуускай куорат олохтооҕо Дьулустан Елисеев, Константин Драгунов, Пелагея Григорьева кыттыахтара.
This post was published on 09.03.2022 18:34 18:34