Сүүрүк Сардана Трофимова биир ыйынан Кыргызстааҥҥа уочараттаах бэлэмигэр барар, Азиатскай оонньууларга кыттар былааннаах.
Ол туһунан титуллаах спортсменка Дьокуускайга ыытыллыбыт «Зеленый марафон» кэмигэр эттэ, суруйар СИА.
«Ааспыт старт кэнниттэн сынньанным, билигин тренировкаларбын Дьокуускайга барабын, чэпчэки дьарыктар. Бэс ыйын 22 күнүгэр Кыргызстааҥҥа сбордана барабын. Күһүн Азиатскай оонньуулар буолаллар», — диэтэ Сардана Трофимова.
Сайыҥҥы Азиатскай оонньуулар балаҕан ыйын 23 — алтынньы 8 күннэригэр Кытайга буолаллар.
Трофимова эппитинэн, Олимпийскай оонньууларга кыттарга эрэллээх. Кэлэр Олимпиада 2024 сылга Парижка буолар. Онно сөп түбэһэргэ нормативтары толоруохтаах эбэтэр рейтинг нөҥүө квалификация ааһыахтаах.
Сардана Трофимова «Зелёный марафон» тэрээһиҥҥэ чэпчэки атлетиканы сөбүлээччилэргэ сүүрүү техникатын туһунан кэпсээтэ.
This post was published on 22.05.2023 09:01 09:01