Марафонецтарга сүрүн стартара — Россия чемпионата ахсынньы саҕаланыыта буолара күүтүллэр, «Спорт Якутии» суруйар.
Сочига ахсынньы 6 күнүгэр марафоҥҥа Россия чемпионата ыытыллыаҕа. Эппиэттээх стартка норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара, Россия үс төгүллээх уонна Москватааҕы марафоннар кыайыылаахтара Сардана Трофимова кыттарга бэлэмнэнэр.
«Сочига буолар Россия чемпионатыгар сезон бастыҥ көрдөрүүтүн ситиһэргэ үлэлиибин», — диэтэ спортсменка.
Санаттахха, дьахталлар марафоннарыгар сезон бастыҥ көрдөрүүтүн Сардаана бэйэтэ ситиспитэ. Балаҕан ыйыгар «Московскай марафоҥҥа» 42,2 км уһуну 2 чаас 28 мүнүүтэ 2 сөкүүндэнэн кэлбитэ.