Рио Олимпиадатыгар дьахталлар 42 км уһуннаах марафоннарыгар Кения спортсмена Джемима Сумсонг кыһыл көмүс мэтээли ылбыта. Кини көрдөрүүтэ Саха сирин сүүрүүгэ Сардаана Трофимова гиэниттэн кыранан ордук.
Лозаннатааҕа спорт арбитражнай суута Россия чэпчэки атлетикаҕа хамаандатын Олимпиадаҕа киллэрбэтэҕэ. Урукку өттүгэр хаһан да допины тутта сылдьыбатахтар да бу улахан тэрээһинтэн туоратыллыбыттара. Кинилэр ортолоругар Сардаана Трофимова баара. Үөһээ Бүлүү улууһуттан төрүттээх спортсмен Франкфурт марафонугар ситиһиилээхтик кыттан, Рио Олимпиадатыгар кыттар чиэскэ тиксибитэ. Онно кини көрдөрүүтэ 2 чаас 24 мүн. 38 сөк. этэ.
Рио марафонугар 31 саастаах Джемима Сумсонг маннык уһуну 2 чаас 24 мүн. 4 сөк. кэлэн кыһыл көмүс мэтээли кэттэ. Киниттэн 9 сөк. хаалбыт Бахрей спортсмена Эунис Кивра иккис миэстэ буолбута. Оттон Эфиопия сүүрүүгэ Маре Дибаба үһүс буолбута. Кини бириэмэтэ — 2 чаас 24 мүн. 30 сөк.
Сардаана Трофимова Франкфурт марафонугар курдук сүүрбүтэ буоллар, Олимпиада мэтээлигэр хайаатар да тиксиэхтээх этэ. Пресс-конференцияҕа кини итинтэн ордук сүүрэр кыахтааҕын этэн ааспыттаах. «Кини бириистээх миэстэҕэ тиксэрэ хаалла. Соторутааҥҥыта ыытыллыбыт «Европа-Азия» марафон олус уустук этэ. Ол эрээри, кини кыһыл көмүс мэтээли ылбыта. Оттон Риоҕа сүүрэрэ суол балачча көнө этэ», — диэн СИА-ҕа сверхмарафоҥҥа Россия чөмпүйүөнэ Надежда Гоголева эттэ.
Биллэн турар, аһары чопчутук бигэргэтэр оруна суох. Тоҕо диэтэххэ, манна күрэстэһии төһө күүстээҕэ, суол хаачыстыбата, күн-дьыл туруга, атлет физическэй өттүнэн бэлэмэ бүтэһиктээх түмүккэ быһаччы дьайар. Сардаана Трофимова Рио Олимпиадатыгар кыттыбыта буоллар, кыайыылаахтары наҕараадалыырга Россия гимнэ ыллыаныах этэ.