Марафоҥҥа Россия түөрт төгүллээх чемпионката Сардана Трофимова бастыҥ буоларын өссө биир киирсиигэ көрдөрүө. Дойду чулуу атлеттарын күрэхтэһиитэ муус устар 3 күнүгэр Сочига ыытыллар, суруйар СИА.
Марафон дистанциятын хайысхатынан Сочи — Автодром буолар. Сүүрүү муус устар 3 күнүгэр Саха сирин бириэмэтинэн 13:50 саҕаланар. Трасса сэттэ эргииртэн турар (7 эргиир x 5612.96 м + петля x 2900.198 м) уонна AIMS. Н. норуоттар ыккардыларынааҕы стандартар сертификаттарын ирдэбилигэр сөп түбэһэр.
Санаттахха, Саха сирин эрэлэ Сардана Трофимова Россияҕа аан бастаан 2015 сыллаахха чемпионнаабыта, бириэмэтэ — 2 чаас 29 мүнүүтэ 30 сөкүүндэ. Салгыы 2018 сыллаахха ситиһиитин өссө биирдэ бигэргэппитэ, көрдөрүүтэ — 2 чаас 28 мүнүүтэ 55 сөкүүндэ, ол кэннэ сүрүн фаворит буолар — 2019 (2 ч 31 м 31 с) уонна 2020 (2 ч 27 м 08 с).
Ааспыт күрэхтэһиигэ кини олимпийскай нуорманы толорбута.