Сардаана Трофимова, Кыргызстаан бэрэстэбиитэлэ, «Алматы марафон-2022» сүүрүү күрэҕэр полумарафонскай дистанцияны 21,1 км кыайда, СИА «Спорт Якутии» сигэнэн суруйда.
Спортсменка финишка кэлбит бириэмэтэ — 1 чаас 12 мүнүүтэ 50 сөкүүндэ.
Алма-атытааҕы марафон — Киин Азия киэҥ хабыылаах спортивнай дьаһала. Аан бастаан 2013 сыллаахха ыытыллыбыта, ол кэннэ сылын аайы балаҕан ыйын бүтэһик өрөбүлүгэр буолар. Быйылгы марафон 12 тыһ кэриҥэ кыттааччыны түмтэ.