Иллэрээ сыл саас Дьокуускай куоракка «Сардаана» фабрикаттан түүн нуорка саҕынньахтары «кууһунан» уораннар, аймалҕан тахсыбытын өйдүүр буолуохтааххыт. Ол дьыала суукка көрүллэн, бириигэбэр тахсыбыт.
Суут быһаарбытынан, 2016 сыл олунньу 9 күнүгэр, сарсыарда 04:10 чаастан 05:30 чааска диэри бириэмэҕэ, уоруйах биир билэр киһитин кытта куомуннаһан баран, «Сардаана» фабрика маҕаһыыныгар киирбит (хайдах киирбитин туһунан иһитиннэриигэ ыйыллыбатах).
Ол киирэн, уопсайа 8 мөл. солк. кэриҥэ сыаналаах 44 нуорка саҕынньаҕы уонна биир енот тириититтэн сону уоран тахсыбыт.
Силиэстийэ бара турар кэмигэр уоруллубут саҕынньахтары барытын хаһаайыныгар төннөрбүттэр.
Суут бу урут эмиэ сууттана сылдьыбыт 39 саастаах киһини буруйдааҕынан билинэн, 4 сыл 6 ыйга кытаанах эрэсиимнээх холуонньаҕа көҥүлүн быһарга уурбут. Бириигэбэр сокуоннай күүһүгэр киирэ илик.
Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
This post was published on 14.02.2018 16:04 16:04