Санкт-Петербурга эбээн һээдьэтэ эргийдэ

Саха сирин норуоттарын музыкатын уонна фольклорунмузейын «Көһө сылдьар музей» бырайыагын чэрчитинэн Санкт-Петербург куоракка Орто Халыма улууһун Чубукулааҕыттан «Донрэтькын» община бэрэстэбиитэллэрэ кэлэн көрсүһэн бардылар.

Ол курдук «Хярму Хээдьэн» эбээн этно-фольклорнай түмсүү салайааччыта Аксинья Дьячкова-Ефимова уонна Ольга Подобашева-Балаганчик Россиятааҕы этнография музейын мраморнай саалатыгар толору мустубут дьоҥҥо норуоттарын култуураларын билиһиннэрдилэр, төрүт тылларын иһитиннэрдилэр уонна иис-маастарыстыбатын көрдөрдүлэр.

Хас биирдии аҕа ууһа туһунан бэлиэлээхтэрин, бэл диэтэр оҕуруону тиһэллэригэр ураты ойуулары уонна өҥнөрү туһаналларын бигэргэтэн, маастар-кылаас көрдөрдүлэр. Көрөөччүлэри түмэ тардан, һээдьэнэн көрсүһүүнү түмүктээтилэр.

Маныаха даҕатан эттэххэ, ыраахтан тэринэн кэлбит ыалдьыттары Санкт-Петербург куоракка олорор, Орто Халыма улууһун Березовка национальнай нэһилиэгиттэн төрүттээх биир дойдулаахтара кэлэн өйөөтүлэр, эбээн норуотун ырыаларын толорон дьон болҕомтотун тартылар.

Кинилэргэ махтанан, Саха сирин норуоттарын музыкатын уонна фольклорун музейын дириэктэрэ Мария Корнилова түмсүү салайааччытыгар Евгения Беглова-Балаганчикка Махтал суругу туттарда, салгыы бииргэ үэлэһэргэ, эбээн норуотун култууратын харыстыырга, тылларын бу курдук сүтэрбэккэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ салҕыы тиэрдэн иһэллэригэр эрэлин биллэрдэ.

Түгэнинэн туһанан, Аксинья Дьячкова-Ефимова музей бары үлэһиттэригэр уон сыл тухары Сахабыт сирин сүдү суолталаах тэрилтэтин иһинэн кинилэри омук быһыытынан өйөөн, интэриэһиргээн, бу курдук киэҥ бырагыраамалаах тэрээһиннэргэ кытыннара сылдьалларын иһин дириҥ махталын биллэрдэ.


Анфиса Слепцова,

РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Санкт-Петербург к.

This post was published on 19.07.2022 10:03 10:03