Бүгүн Дьокуускайга Арассыыйа Федерациятын туризмҥа уонна туризм инфраструктуратын сайыннарыыга федеральнай Мунньаҕын судаарыстыбыннай Думатын делегацията кэллэ, диэн Ил Түмэн пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Делегация састаабыгар судаарыстыбыннай Дума туризмы уонна туризм инфраструктуратын сайыннарыыга кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Сангаджи Тарбаев, бастакы солбуйааччы Николай Валуев, бэрэссэдээтэли бастакы солбуйааччылар Сергей Кривонов уонна Татьяна Лобач, АО «Корпорация развития Дальнего Востока и Арктики» диэриэктэрэ Мария Бадмацыренова уонна кэмитиэт чилиэннэрэ кэллилэр.
Делегация кэлэ сылдьар кэмигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын уонна судаарыстыбыннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) кытта икки өрүттээх көрсүһүүнү ыытыаҕа.
This post was published on 20.05.2022 10:05 10:05