Сангаарга тэллэй хомуйдулар

Бу өрөбүллэргэ Сангаар бөһүөлэгэр ардах курулаччы түстэ. Уопуттаах тэллэйдьиттэр күн тыгаатын кытта, ойуурга таҕыстылар.


ulus.media суруйарынан, социальнай ситимнэргэ тэллэйдээһин саҕаламмытын туһунан кэпсээтилэр, элбэх хаартысканан көрдөрдүлэр.
Сангаар тэллэйдьиттэрэ ардах астаатын кытта ойуурга таҕыстылар. Кинилэр араас тэллэйи буллулар, оннооҕор күһүн эрэ үүнүөхтээхтэр кытта бааллар: кыһыл бэргэһэлээх подосиновик, маҥан масленоктар, синньигэс атахтаах, улахан бэргэһэлээх подберезовиктар уонна модьу атахтаах обабкалар.

This post was published on 16.06.2020 17:02 17:02