Сангаар бөһүөлэгэр сотору-сотору араас хабааннаах субуотунньуктары волонтердар, тэрилтэлэр, бөһүөлэк дьаһалтата, айылҕа харыстабылын үлэһиттэрэ тэрийэн ыыталлар. Кинилэр халлаан сылаас кэмин баттаһа олорор дьиэлэр, тэрилтэлэр тастарын, бөһүөлэк уулуссаларын ыраастыыллар, көҕөрдүүгэ ылсаллар.
Сангаарга бу күннэргэ баара эрэ түөрт киһилээх саҥа тэриллибит общественнай түмсүү чилиэннэрэ биэрэги ыраастаатылар. “Хайдах ыраастаатахха бөһүөлэк уонна биэрэк бөҕө кыайтарыай?” – диэн санаа кинилэри эмиэ үүйэ-хаайа тутар.
Тулалыыр айылҕабытын, иһэр уубутун харыстааһын, ыраастык тутуу иэҕэйэр икки атахтааҕы барытын долгутар, уопсай кыһалҕабыт буолар. Онон телефоммар “Биэрэги ыраастааһыҥҥа кэл” диэн аҕыйах тылы ааҕаат, ыйбыт сирдэригэр тиэтэйдим. Субуотунньукка, мэлдьи буоларыныы, үгүс дьон, техника тоҕуорустаҕа буолуо диэн бүк эрэнэн барбытым. Тиийбитим аҕыйах кэрэ аҥар мустубут, дьиктиргээбиппин көрөн Саргылана Ивановна Михайлова маннык кэпсээтэ:
– Биһиги бу саас общественнай түмсүү тэриммиппит. «Үрүҥ көмүс волонтер” диэн аатынан регистрацияламмыппыт. Ыам ыйыгар Улуу Кыайыы күнүнэн икки бэтэрээни эҕэрдэлээбиппит. Кыайыыны уһансыбыт кырдьаҕастарга махталбыт бэлиэтин этэн туран, сэмэй бэлэхпитин туттаран үөрдүбүппүт. Итинник кыра да буоллар хайаатар да кырдьаҕастарга болҕомто ууруллуохтаах. Онтон бэс ыйын саҥатыгар, бөһүөлэги көҕөрдүү үлэтин саҕана, мас олордубуппут. Сайын устата онтуларбытын бүөбэйдээтибит. Бу кэлэр нэдиэлэҕэ көҕөрдүү үлэтин ситэрэр былааннаахпыт. Эбии атын үүнээйилэри түөрэн аҕалан олордуохпут.
Бу бүгүн Арассыыйа үрдүнэн ыытылла турар “Ыраас биэрэк” акцияҕа кыттыһан Өлүөнэ биэрэгин ыраастыы таҕыстыбыт, төһө кыайарбытынан чаас устата үлэлиэхпит.
Мин сөҕөн-махтайан: “Аҕыйах да буолларгыт, улахан тиэхиньикэлээх эр дьон үлэтигэр санаммыккыт”, – диибин.
Онуоха «Үрүҥ көмүс волонтер” саамай аҕа саастаах кыттааччыта М.Н. Кривошапкина лоп-бааччы маннык хоруйдуур: “Бүгүн билэр дьоннорбутугар батсаабынан су-буотунньукка тахсарбытын биллэрбиппит. Эн ону ааҕан кэллиҥ. Итинник сыыйа эбиллиэхпит! Аҕыйахпыт, кыайбаппыт диэн баран олорбот буоллахпыт дии. Киһи күүстээх санаалаах буолуохтаах. Бу субуотунньукпут биир сүрүн соругунан сангаардары ыраастаныы үлэтигэр көҕүлээһин, ыҥырыы буолар. Мантан күһүн сир тоҥуор диэри өссө да ыытыллыахтара диэн эрэнэбит. Онно эр дьон кэлэн улахан кырааннаах массыыналарынан, трактордарынан баарсалар дьардьамаларын, тимирдэри тоҕута тардан ылан тиэйэллэрэ буоллар. Онтон хаалбытын, кыайарбытын биһиги бэйэбит да хомуйуо этибит». Марина Николаевна үлэлии кэлбит киһи сиэринэн тиэтэйэ-саарайа бара турда.
Дьахталлар сыыры түһэн, куулларыгар кыра бөҕү-сыыһы хомуйбутунан бардылар. Улахан тимирдэри ууттан тэйиччи соһон, кыра чөмөхтөрү оҥордулар. Итинник тэтимнээхтик үлэлээн, былааннаабыт сирдэрин үмүрүттүлэр. Онтон үлэлэрин сыаналыырдыы хомуйбут сирдэрин эргиччи көрүтэлээтилэр. Мин түгэни мүччү туппакка кэпсэтиини салгыырга быһаарынным:
– Марина Николаевна, аны бүгүҥҥү субуотунньук туһунан кэпсии түс эрэ.
– Бүгүн өрүс кытыытыттан саҕалаан хомуйан сыыр анныгар тиийдибит. Биһиги иннибитинэ эмиэ ыраастаабыттар, онон өрүс кытыыта ырааһырбыта биллэр буолбут. Аны сыырын уонна биэрэгин ыраастыахха наада. Итиннэ уу уонна пиибэ бытыылкалара наһаа элбэх сытар.
Онон субуотунньукка тахсааччыларга үлэҕитин өрүскэ киирбэккэ биэрэктэн саҕалаан хомуйаарыҥ диэн сүбэлиэх этим. Биһиги сыыһабытын хатылаамаҥ, оччотугар хорутуулаахтык хомуйуоххут.
Тоҕо биһиги субуотунньукка таҕыстыбыт? Ханна да тиий, тыа сирин ыала ыһыллан баран олорбот ээ, тиэргэннэрин ааһан иһэн хомуна сылдьар идэлээхтэр. Онтон биһиги олорор дьиэбит таһын тоҕо субуотунньук эрэ күүһүнэн ыраастыыбытый? Биирдиилээн хомунарбыт тоҕо кыаллыбатый?
Кэпсэтиигэ Туйаара Спиридоновна Ефимова кыттар:
– Дьон күннээҕи түбүктэн айылҕаҕа тахсан сынньанар, Өлүөнэ эбэттэн күүс ылар. Бу тапталлаах дойдугут кэрэ айылҕатын того харыстыыргыт кыаллыбатый? Олорон аһаабыт сиргитигэр аскыт суутун, бытыылкалары тоҕо быраҕаттыыгытый?! Бөххүтүн бэйэҕитин кытта төттөрү илдьэ барыаххытын. Хас биирдии киһи бэйэтин кэнниттэн ыспакка хомуна сырыттар, биэрэкпит син ырааһырыа этэ.
Онтон ити улахан тимирдэри турута тыытарга кырааннаах техникалар наадалар эрээри, олору илдьэн аны ханна илдьэн сүөкүөхтэрэй?! Бөҕү оннуттан эрэ көһөрөн тугу ырааһырдыахпытый? Сыыр быарыгар буорга, кумахха дьөлө тимирбит ыарахан тимирдэр, баҕаналар уһун сыллар усталарыгар кыаллыбатах буолан сыттахтара дии. Кыһыы диэтэҕиҥ.
Бөһүөлэккэ уонна тыа быыһыгар быраҕыллыбыт массыыналар араамалара, буочукалар уонна да атын тимир эгэлгэтэ хатыылаах боробулуохаҕа тиийэ хара баһаамнар. Итилэр барыта металлолому тутар пуун үлэлээтэҕинэ эрэ хомуллуохтарын сөп. Ону тэҥэ олох суох гыныы эбэтэр уларытан оҥоруу боппуруостара күүскэ туруохтарын наада. Итини ситистэхпитинэ биирдэ хамсааһын тахсыа.
Дьиҥэр, барытын толкуйдаан, кэпсэтэн, кэлэн-баран, үлэлээн-хамсаан истэххэ туох барыта кыаллар.
Түмүккэ, »Үрүҥ көмүс волонтер” түмсүү салайааччыта С.И. Михайловаҕа тиийэбин:
– Саргылана Ивановна, ааҕааччыларга туһаайан туох этиилээххиний?
– Олорор дьиэлэрбит тулатыттан, уулуссаларбыт кытыыларыттан уонна Өлүөнэ өрүспүт биэрэгиттэн бөҕү, дьэбиннээх тимирдэри хайдах суох гынабыт диэн ыйытык Сангаар бөһүөлэгин үгүс олохтооҕун үүйэ-хаайа тутара чахчы. Бүгүн итиннэ биһиги түмсүүбүт чилиэннэрэ – ыал далбар хотуттара санааларын эттилэр.
Манна тыа быыһыгар быраҕыллыбыт дьиэлэр, даачалар оннуларын этэ да барбаппыт.
Дьиҥэр, наар биир маршрутунан солбуһа сылдьан субуотунньуктуубут. Ол да буоллар, син биир бөх-сыыс тахса турар. Хайдах дьаһанан үлэлээтэххэ көдьүүстээх буолуой?
Ытыктабыллаах биир дойдулаахтарбыт! Бу боппуруоска бары санааҕытын этэргитин күүтэбит. Уонна, түгэнинэн туһанан, айыан-тутуон баҕалаах үлэһит, көхтөөх дьону барыгытын «Серебряный волонтер” общественнай түмсүүгэ кэлиҥ, кыттыһыҥ диэн ыҥырабын. Олорор бөһүөлэкпит чэчирии сайдарын, дьоммут-сэргэбит сэргэх, чөл олохтоох буоларын туһугар өйбүтүн-санаабытын бииргэ холбоон таһаарыылаахтык үлэлиэҕиҥ!
Елизавета Плотникова.
Ааптар хаартыскалара. «Дабаан» хаһыат, Кэбээйи улууһа.
This post was published on 18.09.2019 16:25 16:25