«Сахаэнерго» акционернай уопсастыба Сангардааҕы дизельнэй электростанциятын туругун «Автоком» Россия хампаанньатын салалтатыгар уонна инженердэригэр көрдөрдүлэр. Бу туһунан тэрилтэ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«Сахаэнерго» кылаабынай инженерэ Алексей Ивлев: «Биһиги тэрилтэбит тастан киириини солбуйуу хайысхатынан былааннаах улэтэ саҕаланна. Санкция кэмигэр омук дизеллэрин саппаас чаастарын, оборудованиены сакаастыыр уустуктурдаах буолла. Доллары батыһа сыаната лаппа үрдээтэ. Итиэннэ дойдубут олохтоох собуоттарын өйүүр баҕа улахан. Ол иһин биһиги көҕүлээһиммитинэн бу хампаанньа миэстэтигэр билсэ кэллэ«, — диэтэ.
Сангаар дизельнэй электростанциятын дизель-генератордара 70-с сыллардаахха үлэҕэ киирбитэ. Билиҥҥи туруга олус эргэрбит. «Автоком» бэрэстэбиитэллэрэ дизеллэр үлэлэрин көрдүлэр, техническэй үлэһиттэри кытта кэпсэттилэр. Эргэ оборудованиены кыһамньылаахтык көрөн-истэн, өрөмүөннээн улэлэтэ туралларын сөхтүлэр, үлэһиттэр таһымнарын хайҕаатылар.
Бу оробуочай сырыы кэнниттэн өрүттэр оборудованиены уларытыы боппуруоһунан сүбэлэһиэхтэрэ, бырайыагы ааҕыы-суоттааһын саҕаланыаҕа.
This post was published on 24.03.2016 11:43 11:43