Саха сирин ытыктабыллаах олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын аатыттан уонна тус бэйэм эһигини Ыам ыйын 1 күнүнэн – Сандал саас уонна Үлэ бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибин!
Бу ураты күнү араас көлүөнэ дьон бары үөрэн-көтөн, өрө көтөҕүллэн көрсөр. Бырааһынньык араас саастаах, идэлээх дьону сомоҕолуурун таһынан, айылҕа тыйыс тымныылаах уһун кыһын кэнниттэн уһуктуутун бэлиэтэ буолар. Ыам ыйын бастакы күнүн кытта биһиги үтүө уларыйыылары, эйэлээх, дьоллоох уонна бигэ олоххо эрэлбитин ситимниибит.
Дьаҥ туруута уустук быһыыны-майгыны үөскэтэн, биһиги иккис сылын Сандал саас уонна Үлэ бырааһынньыгар киин уулуссаларынан сэлэлии хаамар үгэспититтэн, дьон-сэргэ тоҕуоруһар тэрээһиннэриттэн, доҕоттордуун көрсүһүүттэн уонна айылҕаҕа тахсыыттан туттунарга күһэлиннибит. Бары этэҥҥэ буоларбыт туһугар ыам ыйынааҕы өрөбүллэри дьиэ кэргэнинэн дьиэбитигэр атаардахпытына табыллар.
Ол эрээри, итинтэн бырааһынньыкпыт суолтата өлбөөдүйбэт. Бүгүн биһиги үгэс быһыытынан туруу үлэһиттэри – бэйэлэрин талааннарынан, идэлэригэр маастарыстыбаларынан төрөөбүт Сахабыт сирин аатырдар, өрөспүүбүлүкэбит этэҥҥэ буоларын уонна чэчирии сайдарын туһугар үлэлии-хамсыы сылдьар үтүө дьоммутун чиэстиибит.
Бу судургута суох кэмҥэ коронавируһу утары охсуһар быраастарга, медицинэ үлэһиттэригэр истиҥ тыллары этэбит, бары үлэлээн иитиллээччилэргэ махталбытын тиэрдэбит. Хас биирдиигит кыһамньытынан пандемия саамай уустук кэмнэрин этэҥҥэ аастыбыт, экономика улахан кириисиһиттэн быыһанныбыт.
Күндү доҕоттор!
Саха сирин олохтоохторо көхтөөх, айымньылаах, умсугутуулаах үлэнэн эрэ олохпут дьиҥ суолталанарын, оҕолорбут сырдык кэскиллэрэ мэктиэлэнэрин өйдөөн, уопсай сыалы ситиһэргэ мэлдьи бииргэ түмсэн, сомоҕолоһон үлэлииллэр.
Бу сааскы кэрэ күҥҥэ эһиэхэ саҥа ситиһиилэри баҕарабын! Үүммүт саас саҥа санаалары сахтын, үлэҕит мэлдьи табылыннын! Эһигини уонна чугас дьоҥҥутун кытта эйэ эҥэрдэстин, үтүө санаа аргыстастын!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев
This post was published on 01.05.2021 10:01 10:01