Санаайа: Сылгы тэтимэ Сылгылаах сахаларга

Сылгы диэн саха төрдө буолбут Дьөһөгөй Айыы киһи аймахха анаабыт олоҕун илгэлээх уйгута. Бу илгэ саха олоҕун эйгэтин бүтүннүү иччилиир, ис дьиҥниир, ис тыынныыр. Бу илгэлээх тыын саха киһитэ айбытыгар-туппутугар барытыгар тарҕыыр. Тыын бэйэтэ тэтимнээх. Тэтимэ айылҕаттан айдарыы майгытынан бэриллэр. Бу тэтим саханы олорор эйгэтин кытта дьүөрэлиир. Онон айылҕабытын кытта алтыһа олорор туһуттан сылгы тэтимин тутуһуох тустаах эбиппит. Чуолаан, сылгылаах сахалар.


Маныаха туспа тутан санатыах тустаахпын манныгы: олох уйгутун туттар майгынан Үс саха баарын – сылгылаах, оҕустаах итиэннэ табалаах сахалар. Ити айах ииттэр сүрүн култуурабытынан арытыабыт. Итиниэхэ дьиктитэ баар – табалаахтар сылгыны-ынаҕы туппаттар, сылгылаахтар ынах сүөһүттэн тэйиэс соҕустар, оттон ынахтаахтар бу айыы оҕолорун үһүөннэрин тэҥинэн тутан, алааска олорор төрүт үгэстээхтэр. Ити бука бу сүөһүлэр аһылыктанар сирдэриттэн-уоттарыттан тутулуктааҕа буолуо.  Ынах сүөһү туундараҕа да, наар сыһыыга да тото-хана таманнаммат айылҕалаах буолан, алааска эрэ төлөһүйэ үөскүүрүттэн. Уонна ити этэр курдук, бу сүөһүлэр бары тус-туһунан тыыннаах ис тэтимнээхтэр.

Сылгы тэтимэ диэн тугуй?

Киһиэхэ Дьөһөгөй киирэр аана диэн баар – киһи хайҕахтаах хара быара. Дьөһөгөй бу аанынан киирэн, киһини салайар, арчылыыр-араҥаччылыыр, ыраастыыр, эмтиир. Тыынныыр. Сылгы этэ, үүтэ, сиинэ, хаана, иһэ, иһэгэйэ, тириитэ, түүтэ, сиэлэ, кыла, иҥиирэ, силгэтэ, туйаҕа, уҥуоҕа, силиитэ, сыата, хаһата – барыта бары – эмтээх. Буолаары буолан, сүр күүстээх эмтээх.

Киһи тыынар тэтимэ этин-хаанын эргиирин, этин-сиинин туругун, өйүн-мэйиитин тутулун, өйүн-санаатын үлэтин, толкуйун, олоҕун оҥкулун барытын тутар. Саха тыынар тэтимэ – сылгы тэтимэ. Саха иһинэн тыынар айылҕалаах. Ол тыынар ньымата тымныыны-итиини уйарыгар аналлаах. Сахалыы тыыныы диэн ааттанар. Маны сатыыр киһи ыарыыга ылларбат, ыарыыны иһигэр киллэрбэт. Хаанын эргиирэ сөп, этэ-сиинэ чэгиэн, туруга аман буолар.

Сылгы тыына уһун. Уһун тыыннаах киһи өйдүүрэ дириҥ, дьэҥкэ, толкуйдуура олохтоох, толору. Онон тобуллаҕас. Сиппэтэҕи ситэрэр. Туолбатаҕы толорор. Сахалыы санааһын, толору толкуй дэнэр бу толкуйдуур майгы. Ураты.

Сылгы тэтимин тутуһар киһи сайаҕас буолар. Өйө-санаата сайдыыга аһаҕас. Бары саҥаҕа, саҥардыы баарга аһаҕас дьоҕурдаах, саҥардан иһэр баҕалаах. Бу дьоҕура муҥура суох сайдар кыахтаах.

Дьөһөгөйтөн төрүттээх киһи үлэһит буолар. Сүрэхтээх, үтүөкэн үлэһит. Сатабыллаах. Бэйэтигэр тойон. Дьиэтин иһигэр Тойон эр, Аҕа тойон, Тойон Эһэ. Дьоҥҥо-сэргэҕэ Тойон-хаан.

Саха кутун туурата (култуурата) сылгы тэтимнээх. Саҥарар саҥатын, тылын-өһүн, өһүн хоһоонун ис тэтимэ тыынарыгар олоҕурар буолан эмиэ оннук. Ырыата, тойуга, олоҥхото, алгыһа, сэһэнэ барыта сылгы тэтиминэн салайтаран тахсар. Саха кута-сүрэ оннук эрэ тэтимнээх айымньыны иһигэр киллэрэр. Иэйэр. Иэйэн истэр. Атыҥҥа аһыллыбат. Киэргэлэ, ойуута-мандара сылгы тыыннаах. Тутуута-тэрилэ эмиэ оннук.

Хаамара кытта сылгы тэтимнээх. Саха кыыһа-дьахтара эрэ сэгэлдьийэр-дугулдьуйар, сыспалдьыйар-хонолдьуйар, маталдьыйар-ханалдьыйар. Үрүҥ биэ ураты уран кэрэтик хаамарын, хара атыыр хайдах ханаһыйан ааһарын саха эрэ хараҕа арааран көрөр. Көрө таптыыр. Сылгылаах саха киһитин быһыыта-таһаата эмиэ сылгыга дьүөрэлээх.

Хамсаныы диэн киһи тыына таска тахсара. Сылгыны үтүктэр оонньуулар оҕону сөпкө тыынарга, үөрэ-дьүөрэ хамнанарга, имигэс-сымса буоларга үөрэтэллэр, этин-сиинин эрчийэллэр. Дьиэрэҥкэй, атара сүүрүү, бөтөрөҥ ойуу, тобук охсуһуу, тиҥилэх тэпсии, атах тэпсии, тилэх тэбии, кулун куллуруһуу, доҕулдьуйуу, бокулдьуйуу, таҥалай үктүү эҥин. Аны ат буолан сырсыы, аттаах сэрии, халбас харатын мииннии.

Маннык оонньуулар үҥкүү буолан таҥыллан тахсан, туом силигин ситэрэллэр, оһуокай оонньуутун олохтууллар. Үҥкүү-битии хамсаныыта алгыһы көтөҕөр, алгыһы аҕалар – Үөһэттэн сиэллээх сиэги маҥан аартыгынан сиэтэн түһэрэр. Сылгылыы битийэн айыы оҕолоро айыы халлаанын  хаттыгастарыгар ыттан, алгыһы арыаллыыллар. Ол аартык устун айыы алгыһа иһэгэй буолан, Орто дойдуга саккыраччы ыһыллар – ыһыахтыыр.

Саха киһитэ сылгы буолан хамсанан этитэн – сылгыны иһигэр киллэрэн – этин эрчийэр ньымалаах. Ол хамсаныы тэтимнээх – тэтимэ хайаан да сылгы киэнэ буоллаҕына эрэ, хамсаныы көдьүүстээх, туһалаах буолар. «Үс эйгэ хамсаныыта» диэҥҥэ киирсэр – кыылы, көтөрү, балыгы үтүктэр анал хамсаныыга (анал гимнастика). Хоту диэки хайыһан балыгы, арҕаа диэки хайыһан кыылы-сүөлү, соҕуруу диэки хайыһан көтөрү  үтүктэр хамсаныы. Маны үҥкүү курдук таҥан тэтимнээхтик, эрчиллии быһыытынан, анал доҕуһуоллаах толоруллар.

Саха олоҕун тэтимэ сылгыны батыһар. Олоҕун уһуна, айана эмиэ оннук. Ону саха тылын номоҕор: «Киһи олоҕо аттаах киһи түннүгүнэн ааһарын тэҥэ», –  диир идэлээх.

Бэйэбит төрөөбүт-үөскээбит айылҕабытынан тэтиммитин тутан, иилии чэчир курдук этэҥҥэ олоруоҕуҥ! Тускуо!

23.06.2020 с. Туймаада, Сайсары Эбэ эҥээрэ.

This post was published on 10.07.2020 11:01 11:01