Иккис Дьөппөн нэһилиэгин Күөрдэм сэлиэнньэтигэр Роберт Константинович Захаров хара ньуура суох сыралаһыытынан отуттан тахса сыллааҕыта (1989 с.) Николаевскай таҥара дьиэтигэр кыраайы үөрэтэр түмэл арыллыбыта. Бу уруккута араас хаһаайыстыбаннай наадаҕа туттулла турбут таҥара дьиэтин биллиилээх суруйааччы, драматург Сивцев-Суорун Омоллоон Уус Алдаҥҥа Суотту сиригэр Доҕордоһуу музейын тэрийэригэр көһөрөн илдьэ сыспытын билэбит.
Күөрдэмнээҕи историческай тутууну Захаровтаах уус алданнарга биэрбэтэхтэр. Билигин санаатахха, олус сөпкө гыммыттар. Дьон-норуот көмөтүнэн 1892 сыллаахха, биллиилээх меценат Сэмэн Барашков улахан үбү угуутунан тутуллубут таҥара дьиэтэ турбут сиригэр туруохтаах буоллаҕа.
Атырдьах ыйыгар биһиги анаан-минээн Күөрдэмҥэ Роберт Захаровка тиийэ сырыттыбыт. Киһибит дьиэтигэр суох буолан биэрдэ, сиэнэ уол Александр музейга барбыта диэбитигэр онно көтүтэн тиийдибит. Манна өрөмүөн үлэтэ саҕаланан эрэр эбит. Нэһилиэк баһылыга Александр Николаевич Константинов кэлэн Дьокуускайтан сылдьар өрөмүөн үлэтин ыытарга куонкуруска кыайыылааҕынан тахсыбыт «Центр энергоресурсосбережения и новых технологий» диэн РИК АУо ХЭТ бэрэстэбиитэллэрин кытары сирэй көрсөн өрөмүөн үлэтин былаанныы, сүбэлэһэ сылдьалларыгар түбэстибит.
Роберт Константинович утуйар уутун умнан туран кичэйэн, элбэх дьону, худуоһунньуктары, таксидермистары көмөлөһүннэрэн хас-хас тойоҥҥо-хотуҥҥа үҥэн-сүктэн, үп ирдэһэн оҥорторбут экспозицияларын сорох турба барар сирдэринэн олус диэн дууһатыттан быһа тартардар даҕаны, көтүртэрэ сылдьар эбит. Туораттан хаарыаннаах үлэни алдьатары биһиги эмиэ аһынныбыт, маны барытын хос оҥоруох диэтэххэ эмиэ үп-харчы умналаһыыта буолсу диэн. Ол эрээри Роберт Константинович астыныы бөҕө: «Отут сылга дьэ бу саҥа өрөмүөн диэн баран эрэр, дьиэбит тымныыта олус. Туох эрэ диэн улахан кыамталаах эрээри аҕыйах оттугунан үлэлиир хочуолу туруордахтарына дьэ киһи таарыйбакка эрэ ааспат сирэ буолуо турар» диэн үөрэр-көтөр. Онтубут пеллетнэй хочуоллар диэн эбиттэр, пресстэммит гранулированнай эпиилкэттэн булкааһык оттугунан сылааһы биэрэр. «Биһиги ону Амур уобалаһыттан аҕалан туттан эрэбит», — диэтэ быстах кэпсэтиибитигэр ыксыы сылдьар куорат киһитэ Антон Ильич Кузьмин.
Кырдьык даҕаны, быданнаабыт эбит, бу музей тутуллубута. Мин бу экспонаттар сорохторо өссө таҥара дьиэтигэр эрдэхтэринэ сылдьан турардаахпын. Оччолорго биир сайын партком сэкиритээрэ Ю.Е. Никифоров, таҥараны утарбакка, бу дьиэни саҥардан арыйан сибэтии гыннаран турардааҕа. Баачыка тула сүүрбүтүн-көппүтүн бу баар курдук өйдүүбүн. Саҥа тутуллубут дьиэҕэ музей олоҕун булан көспүтүгэр эмиэ сылдьан турардаахпын. Ол кэмтэн ыла экспонат элбээбитэ, экспозиция бөҕөтө саҥардыллыбыта харахха быраҕыллар. Дьиҥинэн, «Октябрь 50 сыла» совхозка А.П.Константинов дириэктэрдии олордоҕуна 60 тыһ. солкуобайга леспромхозтар түөрт кыбартыыралаах дьиэлэрэ турбутун атыылаһан ылан Роберт Захаровтаах уһаайбаларыгар көһөрө охсубуттара. Салгыы тутууну ыытан, 52 миэтэрэ уһуннаах экспозиция турар саалалаан, аҕыс кырыылаах кииннээн, балаҕаннанан, ититиитигэр эргэ турбалары эҥин туһанан таҥан элбэх экспонат киирэр эбийиэгэ буолбута.
Буотама, Булуус, Күрүлүүр, Кыһыл Сыыр кэрэ-бэлиэ сирдэрэ туристар сөбүлээн сылдьар эбийиэктэринэн буолбуттарынан дьон бу түмэли хаһан даҕаны быһа ааспат. Күрүлүүрү, Кыһыл Сыыры атаҕар туруорсубут киһинэн эмиэ Роберт Захаров буоларын билэбит, билигин онно кыахтаах эдэр урбаанньыттар салгыы үлэлииллэр.
Ханна даҕаны маннык энтузиаст дьон баар буоланнар история чөкөтүллүбүт кииннэрэ арыллаллар. Хаһан бу дьыалаҕа диэн харчы ыһылла сылдьыбыта баарай…. Аҥардас баҕа санаанан салайтаран эрэ биһиги ылсыбыттарын тиһэҕэр тириэрдэри кыайар олоххо көхтөөх көрүүлээх дьоммун, маннык үйэлэргэ өйдөбүнньүктэри тэрийэллэр. Ылан көрүҥ, Үөдэйгэ СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ буола үүммүт бибилэтиэкэр Галина Степановна Макарованы! Хайдахтаах курдук баай музейы тэрийдэний. Эбэтэр Сиинэҕэ учуутал Раиса Голокованы, дьаамсыктар историяларыгар музей-дьиэлэммитин, Өктөмҥө Антонина Анисимова тус дьулуурунан, аҕа көлүөнэ дьонугар, историяҕа бэриниитинэн МТС музейын арыйбытын….
Урут даҕаны маннык саҕалааһыннар бааллара, үксүгэр улахан өйөбүлү булбакка кэхтэн, экспонаттара ыһыллан-сүтэн эстэргэ күһэллэллэрэ. Ыраата барбакка, мин ийэм Агния Львовна Мордовская Кытыл Дьураҕа музей арыйан, экспонат хомуйан испиттээҕэ. Чуучала бөҕөтүн оҥороро (дьон сэдэх кыылы, көтөрү бултуйдахтарына хайаан даҕаны буор босхо аҕалаллара), мал-сал арааһын муспута, оннооҕор көмүс кур, манньыат арааһа баара. Оскуола дьиэтэ эргэтинэн кыайан хараллыбакка ый ыһыаҕа буолтун кэлин харааста көрбүттээхпит. Эбэтэр ити Булгунньахтаахха Александра Матвеевна Козлова диэн учуутал эмиэ Ленинскэй хоһу, тэрийэн испитэ этэ, Чапаевка биһиги кэллиэгэбит Северин Дьячковскай учуутал-аҕата Петр Семенович эмиэ элбэх экспонаты муспуттааҕын сөҕө көрбүппүт саныыбын…. Хаарыаннаах энтузиаст дьон үлэтэ төннүбэтии сүттэҕэ. Саныахха ыарахан. Онон бу күөрдэмнэр маладьыастар диэ этим. СӨ култууратын туйгуна, Иккис Дьөппөн бочуоттаах олохтооҕо, норуодунай тыйаатыр артыыһа, саахыматчыт, үтүө дьон төрүөҕэ Роберт Захаров сыралаах үлэтин сыаналаан, бүтүн нэһилиэгинэн күүс-көмө, тирэх буолан кэскиллээҕи санаан историяларын чөкөтөллөрө, музейдарыгар болҕомто ууран, дьаһалтаттан харчынан көмөлөһөн өрөмүөн үлэтин ыытан эрэллэрэ эчи үчүгэйин.
Сотору былааннаныы, быһаарсыы бүтэн «Самыртай» түмэлигэр эрбии, сүгэ тыаһа тигинээтэ. Эдэркээн уолаттар күнү-дьыла баттаһа турбалары быһыталаан, экспозициялары көтүртэлээн үлэлээн киирэн бардылар. Оттон биһиги, бачча кэлбиччэ, сонун экспонаттарга харахпытын хатаатыбыт. Роберт Константиновичка олор хас биирдиилэрэ күндү, хайдах манна баар буолбуттара умнуллубат историялаах. Киэн тутта көрдөртөөтө. Хаҥаластар айыы кыыллара хомпоруун хотойуттан, очуос таастан күрүлүү тыгар күрүлгэннээх кэрэ саалатыттан саҕалаан… Элбэх даҕаны чуучала кэлиҥҥи сылларга кэккэлэспит эбит — барыта ис сүрэхтэн оҥоһуллубут экспозицияларга олорбут, турбут, сыппыт хара тыа маанылаах кыыллара, күөх халлааҥҥа көҥүллүк көппүт эриэккэс көтөрдөрө…
— Мин биир үтүөкэннээх доҕордоохпун, чуучаларынан дьарыктанар, — кэпсиир Роберт Захаров, — Бу чуучалалар ыарахан сыаналаахтар. Холобур, ити хотойго 78 тыһыынчаны булан ыһыктан турардаахпын. Бу туртастар, саһыллар, бөрөлөр оттон да атын кыыллар… сорохторо босхо кэлбитэ, сорҕото харчыга буоллаҕа. Сэдэх кыыл, көтөр элбэх. Булчуттар, сааһыттар, балыксыттар барахсаттар, биир дойдулаахтарым, эмиэ бэлэхтииллэр. Махталым улахан! Бар дьон көмөтүнэн түмэлбит тэрилиннэҕэ дии. Билигин дьэ биһиги кэлбиккэ-барбыкка киэн тутта көрдөрөрдөөхпүт. Аныгы оҕолор айылҕаҕа куобаҕы, куһу даҕаны тыыннаахтыы көрбөттөр, зоопаркаҕа эрэ буолуо…
— Дьэ хантан харчы булан атыылаһаҕын, бачча элбэх экспозицияны оҥортордугут?
— Оо, син үүтү-хайаҕаһы киһи кыһалыннаҕына булар. Баҕалаах баҕанаҕа ыттар диэн баар. Кэлин сылларга граннарга киирсэр буоллубут, кыайыылаах тахсан үпкэ тиксэбит. Бу стеллажтары, сейфэ-хатанар ыскааптары эҥин итинниктэргэ түөрт төгүл кыттан тиксэн ыллахпыт дии, — астыммыттыы ааһан иһэн миэбэлин, пуолкаларын имэрийэр-томоруйар хаһаайын. — Кимиэхэ харчы дук гынан, кимиэхэ эрэ бэс мас ыһыктан…
— Ол маһы хантан ылаҕыт?
— Оттон Балбааралаахпыт дии, Арассыыйа Дьоруойа Варвара Михайловна Устинова, уруккуттан күүс-көмө буолар киһим! Хайдах махтаныахпын билбэппин! Биһиги үлэбитин сыаналыыр дьоммутуттан биирдэстэрэ кини буолар. Барахсан доруобай, дьиэ кэргэнигэр этэҥҥэ буоллун! Ситиһии кэлэ турдун!
«Самыртай» музейыгар туох-туох суоҕуй, олус сэдэх экспонаттар бааллар. Холобур, Буотамаҕа уһаарыллыбыт болгуо тимиртэн дьиҥнээх батас (тимир да буоллар, ону Роберт Константинович хатыырдаах, уоттан умайбат сейфэтигэр харайа сылдьар эбит).
Онно өссө дьааһыгын түгэҕэр саха ампаарын хатыыр дьикти, аан дойдуга ханна да суох буолуохтаах, улахан түҥ былыргы лис курдук ыарахан күлүүс баар, олус мындыр оҥоһуулаах (ис мэхэньииһимин ким да арыйа илик), күн бүгүҥҥэ дылы тыла да сүппэтэх, олус холкутук мааһа-таймата суох арыллар-сабыллар, дьэбин да сыстыбатах. Кып-кыракый күлүүстэр, ыйааһыннар о.д.а. тимиртэн оҥоһуктар эмиэ элбэхтэр. Ойуун хотойдуу көрүҥнээх ымыыта ( Роберт итини хаһаайыныттан көҥүллэтэн, сиэри-туому тутуһан уҥуоҕуттан ылбытым диир. Киһи дьиксиниэх…).
Өрөмүөн буолан дириэктэр кэбиниэтигэр муостаҕа кыстана сытар бурдук үлэтигэр туттуллар былыргы тэриллэр, дьикти эриэккэс чорооннор, кытыйалар, дьэс алтан чаанньыктар, сылабаардар… Дьон бэлэхтэрэ да элбэх. Ол курдук Павел Павлович Гермогенов, бу дойдуттан төрүттээх биир бастакы норуот маастара, сиэлинэн улар ойуулаах бастакы паннотун бэлэхтээн барбыта турарын көрдүбүт. Гаврил Шадрин, «Кудай бахсыга» үлэлиир уус киһи, » Икки сирэй» диэн маһынан дьикти хартыынаны кыһан оҥорон биэрбит (Үөһээ-аллара эргитэ туттахха биир сирэйтэн иккис атын киһи сирэйэ дьэргэйэ түһэр дьиктитэ). Николай-чудотворец икона-хартыыната баар, сэдэх айымньы. Дьайар, көмөлөһөр күүстээҕин энтузиастпыт этэр. Итинник, хас биирдии экспонат туспа историялаах.
— Билигин биһиги Хаҥаластааҕы кыраайы үөрэтэр музей салаатын быһыытынан тутулланныбыт. Биллэн турар, музейдар ночооттоохтук үлэлиир култуура тэрилтэлэрэ буоллаҕа. Билигин өссө харчы киириитэ аччаата, аны оҕолор, атын да категориялаах дьон музейдарга босхо сылдьыахтаахтар диэн ыйаах тахсыбыта. Оттон биһиэхэ сүрүннээн оҕолор сылдьаллар, — диир Мотрена Иннокентьевна, музей старшай научнай үлэһитэ, — 2009 сыллаахха, холобур, 40-ча тыһ. солкуобайы киллэрэ сылдьыбыппыт, билигин аҥара эрэ.
Роберт Константинович түүллээх эбиппин, уруккуттан даҕаны, диир (кэргэнэ ыалдьан, ону-маны итэҕэйэр эбитэ дуу): «Арай бу музей тэриллиэн иннинэ түһээн турабын ээ. Түһээтэхпинэ, элэктэриичэстибэ боруобулуохаларыгар иҥнэ сыһа-сыһа ити таҥара дьиэтин үрдүнэн көтөбүн да көтөбүн…. Бу таҥара дьиэтин сөргүтээри эбитим дуу дии саныыбын, билигин ону тойонноон. Мин эбэбэр иитиллибитим. Эбэм удаҕан этэ, 84 сааһыгар олохтон барбыта. Миигин билиҥҥээҥҥэ диэри өрүү харыстыы, араҥаччылыы сылдьар. Бу быарбынан улаханнык ыалдьабын даҕаны, син баччаҕа кэллэҕим дии. Кини мантан чугас харалла сытар, барааччыбын».
«Самыртай» хаһаайына үгэс быһыытынан сахалыы таҥаһын таҥнан элбэх ыалдьыттары аал уоту уматан көрсөр идэлээх.
Билигин музей дьыалатын кийиитэ, эдэрчи, култуура үөрэхтээх ( Дьокуускайга култуура училищетын, Улан-Үдэҕэ култуура институтун бүтэрбит, дойду улахан музейдарыгар баран эбии үөрэммит киһи) Мотрена Иннокентьевна Захарова саҥалыы ылсан үлэлээн эрэрэ үөрдэр. Күөрдэмнэр дьоллоругар түбэспит кийиит буолан биэрдэ, Чурапчы Сылаҥыттан төрүттээх, сүрдээх сэргэх, бэрт дьаһаллаах киһи. Онон олоҕун анаабыт дьыалата эрэллээх илиигэ киирэн эрэриттэн Роберт Константинович иһигэр күлүгэр имнэнэрэ буолуо дии саныыбын. Аныгы олох ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн үлэ сэргэхсийиэ турдаҕа. История салгыы тиһиллиэ. Таҥара дьиэтэ Арассыыйа пааматынньыктарын харыстабылларын дьаһалтатыгар киирсэн (Саха сириттэн биэс история өйдөбүнньүктэрин ахсааныгар) докумуоннанан инбэстииссийэ үбүнэн төрдүттэн саҥардыллар кэскиллэммитэ үөрдэр.
Ааптар: Людмила Мордовская, «Хаҥалас» хаһыат, http://ulus.media