Докумуонунан «самозанятай» статус ылыммыт кэтэх хаһаайыстыбалаах киһи судаарыстыба өйөбүлүнэн туһаныан сөп. Ол туһунан уураахха бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин илии баттаата.
Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын, сырьетун оҥорон таһаарыы ырыынагар уонна аска-үөлгэ анаммыт судаарыстыбаннай бырагыраамаҕа саҥа уураах уларытыылары киллэриэҕэ. Ол эбэтэр тосхолго ЛПХ-нан дьарыктанар, НПД (налог на профессиональный доход) туһанар дьоҥҥо анаан туспа хайысха эбиллиэҕэ. Кинилэр 2022 сылтан судаарыстыбаттан субсидия ылыахтарын сөп.
Ылыллыбыт быһаарыы «самозанятай» статустаах оҕуруот олордооччулары, үүт-эт аһы оҥорон таһаарааччылары өйүөҕэ.
This post was published on 06.01.2022 17:12 17:12