"Самоизоляция" эрэһиимигэр спордунан биирдиилээн дьарыктаныы көҥүллэннэ

«Самоизоляция» эрээһимигэр олорор нэһилиэнньэлээх пууннар  олохтоохторо ыам ыйын 12 күнүттэн спордунан дьарыктаныахтарын сөп буолла. Ити эрээри биирдиилээн уонна таһырдьа, спортсаалаларга уонна стадионнарга көҥүллэммэт. Дьиэ кэргэнинэн күүлэйдиэххэ сөп, атын дьаарбайааччылартан тэйиччи сылдьыы ирдэнэр. СИА өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал штабка олоҕуран суруйар.


Саха сирин баһылыгын ыйааҕынан, «самоизоляция» эрэһиимигэр олорор муниципальнай тэриллиилэр олохтоохторо биирдиилээн спордунан дьарыктаналлара көҥүллэннэ. Спортсаалалар, фитнес-кулууптар, стадионнар уонна да атын спорт эбийиэктэрэ үлэлээбэттэр.

Хааччахтааһын миэрэлэрин сымнатыы дьиэ кэргэнинэн күүлэйдээһиҥҥэ эмиэ киирдэ. Атын дьаарбайааччылартан кырата 1 миэтэрэ ыраах сылдьыллыахтаах.

Санаттахха, «самоизоляция» эрэһиимэ Дьокуускайга, Жатайга, Нерюнгри, Мииринэй, Ленскэй, Алдан оройуоннарыгар, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр уонна Хаҥалас улууһун Покровскайыгар биллэриллибитэ.

This post was published on 12.05.2020 10:02 10:02