Саллааттарга – босхо дьиэ

Сэбиэскэй Сойуус саҕана аармыйаҕа сылдьыбатах уолаттары сэниир, атаҕастыыр түгэннэрэ аҕыйаҕа суох этэ. Бэйэлэрэ даҕаны дьонтон туох эрэ итэҕэстээх курдук сананаллара. Оттон билигин аармыйаҕа сулууспалыыртан куотунуу түгэнэ элбэх. Онно таах туһата суох  сылы эрэ барыыр  курдук саныыллар. Арай, кэлиҥҥи кэмҥэ аармыйаҕа  сулууспалаабыт дьоҥҥо үлэҕэ, үөрэххэ киирэллэригэр чэпчэтии баарын  өйдөөн, ыччат сулууспалыы барар буолла. Бу туһунан edersaas.ru суруйдулар.


Кэнники кэмҥэ саха уолаттара хантараак түһэрсэн аармыйаҕа сулууспалыы хаалалларын туһунан элбэхтэ иһиллэр буолла. Ол хайдаҕын, туох үчүгэйдээҕин билээри, байыаннай сулууспаҕа хантараагынан сулууспалааччылары сүүмэрдиир Саха сиринээҕи пуун инструктора Алексей Колесовка сибээскэ таҕыстым. Уһук Илин региоҥҥа маннык 20-чэ пуун баар эбит.

— Алексей, бу пуун хас сыллаахтан үлэлиирий? Хантараагынан хайдах сулууспалыы баралларын ааҕааччыларбытыгар кылгастык сырдат эрэ.

— Биһиги пууммут 2010 сылтан үлэлиир.  19-40 саастарыгар диэри баҕалаах дьону ылабыт. Оннооҕор кыргыттар сулууспалыы бараллар. 2014 сыл түмүгүнэн, хантараагынан 206 киһи сулууспалыы барбыта. Олортон 30-чата кыыс. Аармыйаҕа сылдьыбатах, ол эрээри, үрдүк үөрэхтээх киһи биһиэхэ кэлэн сайабылыанньа суруйар, доруобуйатын көрдөрүнэр. Наадалаах докумуоннарын толорторон, байыаннай чааска, норуокка биллэринэн, «Маякка» тиийэн, хамыыһыйаны ааһар. Онно кини психологическай бэлэмин, доруобуйатын көрөбүт. Дьэ, ол кэнниттэн ханнык чааска, хайа дойдуга барарын барытын быһаараллар. Оттон оскуоланы саҥа бүтэрбит 19 саастаах, аармыйаҕа сулууспалыы илик, үрдүк үөрэҕэ суох ыччат хантараагынан барарыгар хайаан даҕаны аармыйаҕа сулууспалыыра ирдэнэр. Оччоҕуна эрэ кинини ылар бырааптаахпыт.

— Хантараак болдьоҕо төһөнүй, хамнас төлөнөр дуо? Дойдутугар баран кэлэригэр уоппуска бэриллэр дуо?

— Хантараакпыт болдьоҕо үс сыл. Онно үс ый холонон көрөр болдьохтоох. Ону аастаҕына, дуоһунаһа үрдүүр, хамнаһа улаатар. Оттон ааспатах саллааты төттөрү дойдутугар ыыталлар.

Хамнастара ый аайы, ортотунан, 21 тыһыынчаттан саҕалаан 70 тыһыынчаҕа тиийэр. Оттон хоту сулууспалыы сылдьар саллааттар, холобур, Камчаткаҕа  Курил арыыларыгар баар чааска саамай кыра хамнастара 30 тыһыынчаттан үөһээ буолар. Онно ый аайы эбии нуорманан аһылык ( саллаат паега: мас арыыта, сахар, бурдук о.д.а) бэриллэр.

Саллааттары барыларын казармаҕа олордобут. Онно олоруон баҕарбат саллаат бэйэтэ туспа дьиэ куортамныан сөп. Оборуона министиэристибэтэ куортамнаан олорор саллааттарга хамнаһын таһынан ый аайы куортамнарыгар диэн 3600 солк. харчыны биэрэр. Маны сэргэ, сулууспалыы сылдьар саллааттарга уопсай дьиэ эмиэ көрүллэр. Онно босхо, тугу да төлөөбөттөр.

Уоппуска сылга биирдэ бэриллэр. Болдьоҕо 70 күн. Оттон хантараактара биир сыла ааһа илик, ол эбэтэр ыстаастара суох дьоҥҥо, 30 күн көрүллэр. Уоппуска кэмигэр Россия хайа баҕарар муннугар сынньана сөмөлүөтүнэн көтөрүгэр, кэлэ-бара билиэттэрин сыаната сүүс бырыһыан төлөнөр. Бэйэлэрин кытары биир киһини илдьэ барыахтарын сөп. Оттон хоту сытар чаастарга сулууспалыыр ыстааһа суох саллаакка 30 күнүн таһынан, ыраах сытар чаастарыгар төттөрү айанныылларын учуоттаан туран, икки нэдиэлэттэн тахса күн эбиллэн биэрэр. Билиҥҥи саллааттар кэргэннэрин кытары Сочига, биитэр Крымҥа баран төһө баҕар сынньанан кэлэллэрэ көҥүл.

Сулууспалыыр кэмнэригэр бэйэлэрин дуоһунастарын эбээһинэһин  толороллор. Холобур, муора пехотинеһын эбээһинэһэ —  сэрии сэбинэн ытарга үөрэнэр, көмүскэнэргэ дьарыктанар, парашютунан ыстанар. Саллааттар салгыҥҥа, ууга, толооҥҥо барытыгар үчүгэй бэлэмнээх буолуохтаахтар. Бу Россия Оборуонатын анал бэлэмнээх этэрээтэ. Саллааттар ханнык баҕарар байыаннай чааска курдук уочаратынан нэрээккэ тураллар.

— Хантараагынан сулууспалыы сылдьар саллааттарга туох көмө баарый? Дойдутугар хаалбыт дьиэ кэргэнигэр көмөлөһөҕүт дуо?

— Хантараак түһэрсэн баран тургутуу болдьоҕун этэҥҥэ аастаҕына, кэргэнин, оҕолорун, чугас дьонун көһөрөн аҕалар бырааптанар.  Дьоно көһөн кэлэр ороскуоттарын барытын эмиэ Оборуона министиэристибэтэ уйунар. Малларын-салларын көһөрөн аҕалалларыгар анаан 20 туонналаах контейнер бэриллэр. Арай, саллаат дьонун аҕалбат, дойдутугар хаалларар түгэнигэр биһиги көмөлөспөппүт.

Маны сэргэ, хантараагынан сулууспалыы сылдьар дьоҥҥо счет арыйабыт. Онно хамнаһын таһынан сылга, быһа холоон, 250 тыһыынча солкуобай түһэрэбит. Алта сыл сулууспалаан баран, баантан ипотека ылан, Россия хайа баҕарар регионугар, уобалаһыгар дьиэ атыылаһар кыахтанар. Ол ипотекатын сулууспалыы сылдьар саллаат бэйэтэ төлөөбөт, Оборуона министиэристибэтэ төлүүр, хамнаһыттан тутуллубат. Оттон ипотека ылан баран сулууспалаан бүтэр түгэнигэр ипотекатын бэйэтэ төлүүр. Арай, саллаат сулууспалыы сылдьан инбэлиит буоллаҕына, астаапкаҕа таҕыстаҕына, ипотеканы  Оборуона министиэристибэтэ төлүүр. Сулууспалыы сылдьан өллөҕүнэ, икки мөлүйүөн суумалаах компенсация төлөнөр. Оттон эчэйдэҕинэ, эчэйиитэ төһө улаханыттан көрөн, эмиэ харчынан компенсация бэриллэр.

Хантараак кэнниттэн, холобурдаан эттэххэ, 24 саастаах киһи быһа үөрэххэ киирэр бырааптанар. Билиҥҥи үйэ сайдан, сулууспалыырга усулуобуйа барыта баар буолла. Эдэр дьон куттаммакка кэлэн сулууспалааҥ, олоххут инникитин оҥостуҥ.

This post was published on 24.01.2017 11:37 11:37