Ньурбаҕа СӨ саллааттарын ийэлэрин Кэмитиэтин Бэрэссэдээтэлэ Мария Емельянова, СӨ Общественнай палататын сүрүннүүр эксперэ Станислав Корнилов, СӨ Байыаннай Комиссариатын лектора Виссарион Балбахов бэҕэһээ үлэлээтилэр.
Убайаан оскуолатыгар Станислав Егорович уонна Виссарион Дмитриевич иитэр-үөрэтэр аналлаах семинар ыыттылар, лиэксийэлэри аахтылар, быыстапка көрдөрдүлэр.
Мария Егоровна байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин кытары көрүстэ, кыһалҕалаах боппуруостарын тула дьүүллэстилэр, санаа атастастылар.
Ньурба ийэлэрин аатыттан Мария Егоровнаҕа өрүү сүбэ-соргу, көмө-өйөбүл буоларын иһин махтанан туран «Байар» кэпэрэтиип салайааччыта Надежда Филиппова төрүт аспытыттан турар бородуукта наборун бэлэх уунна, суруйда «Ньурба» хаһыат, @gazetanyurba