Роспотребнадзор Саха сиринээҕи управлениета салгын киртийиитигэр кэтээн көрүүнү(мониторинг) оҥорор. Барыта 250-тан тахса чинчийиини оҥордулар.
edersaas.ru
От ыйын 14 күнүгэр сарсыарда 9 чаастааҕы дааннайынан, Дьокуускайга Гигиена уонна эпидемиология киинин лабораторията салгыҥҥа углерод оксидын, азот оксидын, сера диоксидын, азот диоксидын кээмэйин бэрэбиэркэлээтэ.
Лабораторнай чинчийии көрдөрөрүнэн, Дьокуускай куоракка салгыҥҥа буортулаах эттиктэр бааллара нуорма таһынан барбат эбит. Углерод оксида – 0,57-0,64 мг/м3 (муҥутаан көҥүллэнэр кээмэйэ (ПДК) — 5 мг/м3), азот оксида – 0,24-0,27 мг/м3 (ПДК – 0,4 мг/м3), азот диоксида – 0,018-0,019 мг/м3 (ПДК – 0,2 мг/м3) тэҥнэспит.
Ол эрээри, сарсыарда буруо кыра соҕус этэ, күнүс куораты бүтүннүү сабардаан кэбистэ, тыынарга ыарахан буолла. Киэһэ 7 чааска углерод оксида 11,2 мг/м3 тиийдэ. Ол аата нуорманы икки төгүл таһынан барбыт. Азот диоксида — 0,243 мг/м3, азота оксида – 0,412 мг/м3 тэҥнэспит, эмиэ нуорманы таһынан.
Күнү-дьылы чинчийээччилэр этэллэринэн, бүгүн ардах түһүөхтээх диэн этэ да, бэрт кыратык таммалаан ааста, оттон буруо аҕыйыыр санаата суох. Ону тэҥэ дьон тыал уларыйарын, күүстээх ардах түһэрин кэтэһэллэр.
Дьокуускайга буруо Нам улууһуттан кэлбит. Онно балаһыанньа өссө уустук.
Сарсыарда 9 чааска маннык эбит: Нам улууһун Тумул сэлиэнньэтигэр углерод оксида – 12,0 мг/м3 тэҥнэспит (муҥутаан көҥүллэнэр кээмэйэ – 5,0 мг/м3). Ол эбэтэр икки аҥаар төгүл таһынан барбыт! Нам сэлиэнньэтигэр углерод оксида – 6,78 мг/м3 тэҥнэһэр. Эмиэ нуорманы таһынан барбыт.
Киэһэлик 4 чааска углерод оксида – 13,21 мг/м3 тэҥнэспит.
Буруо буортута
Буруо оҕолорго, тыынар уорганнара ыалдьар дьоҥҥо, хат дьахталларга, кырдьаҕастарга ордук куһаҕаннык дьайар. Ол эрээри, доруобай да дьоҥҥо буруонан тыынар буортулаах. Буруоттан (угарнай гаастан) сүһүрүөххэ сөп. Ол хайдах биллэрий?
Киһи сэниэтэ эстэр, мөлтүүр, төбөтө ыалдьар, сүрэҕэ күүскэ тэбэр, хаан баттааһына хамсыыр. Салгыы мэйиитэ эргийэр, кулгааҕа куугунуур, хотуолуур, утуйа сылдьар буолар. Маннык түгэҥҥэ уталыппакка бырааһы ыҥырыҥ.
Хайдах харыстаныахха?
Таһырдьа тахсартан туттуна сатааҥ. Маарыланы хас да хос тутан, мааска оҥостон баран, инчэтэн, кэтэ сылдьыҥ. Түннүгү-үөлэһи бүөлээҥ. Күн аайы быылы сотуҥ, дьиэни сууйуҥ. Инчэҕэй таҥаһынан түннүгү бүөлүөххэ сөп. Дьиэ иһигэр салгыны ыраастыыр, эбэтэр сиигирдэр тэрил баара үчүгэй. Элбэхтик уута иһиҥ, душтаныҥ. Кислород тиийбэт буолуон сөп, онон ноҕуруускаланымаҥ, арыгыттан-табахтан туттунуҥ. Күөмэйгитин сайҕана, муннугутун, хараххытын ыраастана, инчэтэ, сууна сылдьыҥ. Харахха пакеттаах чэйи, эбэтэр ромашканы оргутан, баатаны инчэтэн, уурунуохха сөп.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
This post was published on 14.07.2018 13:09 13:09