Нам улууһун Салбаҥ нэһилиэгин үүт туттарааччылара улуус уурунуу пуондатыттан көмө харчы туттулар. Бу туһунан СИА-ҕа тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
COVID-19 тарҕаныытын бохсор өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап быһаарыытынан Нам улууһун Салбаҥ үүт туттарааччылара улуус уурунуу пуондатыттан 540 тыһ. солкуобай харчыны туттулар. Тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар субсидия ылалларыгар үлэ барар.
“Биһиги нэһилиэккэ коронавирус ыарыыта туран үүт астыыр сыахпыт биир ый тохтуурга күһэллибитэ. Харантыын кэмигэр — ыам ыйын 17 күнүттэн бэс ыйын 19 күнүгэр диэри 40,5 тонна үүт туттарыллара хаалла. Күҥҥэ ортотунан 1,5 туонна үүт тутуллар”, — диэн Салбаҥ нэһилиэгин тыа хаһаайыстыбатын испэсэлииһэ Сергей Артамонов кэпсиир.
Тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларын өйүүр туһунан быһаарыыны COVID-19 тарҕаныытын бохсор өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап ылыммыта. Көмөнү Ил Дархан ыйааҕынан харантыыҥҥа барбыт нэһилиэктэр, тэрилтэлэр ылыахтарын сөп.
Сиһилии манна аах https://ysia.ru/molokosdatchikam-salbanskogo-naslega-vozmestili-ubytki-ponesennye-iz-za-koronavirusa/
This post was published on 09.07.2020 17:01 17:01