Салбаҥнар сааскы суол алдьаныытыгар эрдэттэн бэлэмнэнэллэр

Хаартыска: Эҥсиэли хаһыат

Салбаҥҥа суолбут алдьанара аҕыйах кэм хаалла. Онно эрдэттэн бэлэмнэнэбит. Икки ыйдааҕы хамнаспытын ылан, сайыҥҥы аспытын хаһаанабыт.

Онтон бүгүн нэһилиэкпит эр дьоно айан суолун саамай ыарахан учаастагар, Кыыллаах уонна Сарык икки ардынааҕы дүөдэҕэ, харбыыл тэлгээтилэр.

Харбыыл үрдүнэн кумах кутуллуохтаах.

Ити курдук, төһө кыах баарынан сайыҥҥы суолбутун оҥоробут, суруйда Татьяна Касьянова, @gazetaensieli

This post was published on 10.04.2024 15:32 15:32