Салбаҥ нэһилиэгин дьаһалтата уонна тэрилтэлэр салайааччылара сыл устата туох үлэ барбытын, тэриллибитин отчуоттаатылар.
Барыбытын долгутар боппуруоспут, суолбут, оннуттан хамсаан эрэриттэн үөрдүбүт. Ол курдук, сыл аайы айан суолун өрөмүөннүүргэ харчы көрүллэр буолбутуттан, диэн Салбаҥ олохтоохторо үөрбүттэрин кэпсииллэр.
Оҕо ахсаана аҕыйаан эрэриттэн нэһилиэнньэ дьиксинэрин, арыы собуотун үлэтигэр көрсүллэр кыһалҕалары (үлэһит тиийбэтэ, булуус суоҕа), дэриэбинэ иһинээҕи суоллары өрөмүөннээһини, тупсаҕай көстүүлээх маҕаһыын аһылларын, эргэ-урба тутуулары көтүрэргэ субуотунньук наадатын ыйдылар, олохтоох былаас отчуотун кэмигэр.
Ааптар: Татьяна Касьянова, @gazetaensieli
This post was published on 23.01.2024 09:33 09:33