Саккырыырга дьыссаат оҕолоро ийэлэрин оонньуурдарын интэриэһиргээтилэр

Бу күннэргэ Эбээн-Бытантай улууһугар «Хаарчаана» уһуйаан тэриллибитэ 85 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир. Саҥа кинигэ бэчээттээн таһаардылар, оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ научнай-практическай конференция буоллулар. Кыра бөлөххө «аһаҕас аан» тэрилиннэ.


Дьыссаат кыра «Туллукчаан» бөлөҕө аһаҕас дьарык ыытта. Манна үрдүк категориялаах иитээччи, СӨ оскуола иннинээҕи саастаах оҕону иитии үөрэхтээһинин туйгуна Марина Впсильевна Верховская уонна эдэр иитээччи Евдокия Семеновна Винокурова үлэлииллэр.

«Бүгүн бөлөхпүтүгэр наһаа көхтөөх, интэриэһинэй күн ааста.
Дьыссааппыт үбүлүөйүнэн уонна оҕобут Эркин 3 сааһын ыллыбыт. «Игрушки наших мам» урукку кэм оонньууларын быыстапкатын тэрийдибит, бэтэрээннэрбит Елена Львовна, Надежда Петровна, Вера Николаевна, үөрэх управлениетын бэрэстэбиитэллэрэ, Кустууртан кэллиэгэлэрбит ыалдьыттаатылар. Икки аһаҕас дьарык ыытылынна. Музыка кэрэ эйгэтигэр уһуйууну Иван Семёнович үрдүк таһымҥа толордо. Оҕолорбут минньигэс торт сиэтилэр, элбэхтик хаартыскаҕа түстүлэр«, — диэтэ М. Верховская.

Ааптар: Яна Рожина, Эбээн-Бытантай улууһа

This post was published on 22.11.2019 11:27 11:27