Саккырыыр: Сэрии кэмин тыйыс чахчылара

Быйыл Улуу Кыайыы 71 сылын бэлиэтиибит. Бу сүҥкэн суолталаах, ураты иэйиилээх бырааһынньык күн-дьыл аастаҕын ахсын суолтата улаатан, күндүтүйэн иһэр. Астыйбыт баттахтаах ытык кырдьаҕастарбыт кэккэлэрэ чарааһаан истэҕин аайы кинилэргэ сүгүрүйүү, ытыктабыл дириҥээн иһэр. 


Сэрии ыар тыына ыраах таас хайалар быыстарыгар түөлбэлээн сытар Саккырыыр оройуонун да тумнубатаҕа.

Оччотооҕуга Сталин ыйааҕынан уһук хоту сытар кырыы сирдэртэн дьону сэриигэ ылбатахтара. Онон олохтоохтор бултаан, араас хара үлэҕэ хатарыллан, үгүс ыал сут дьылларга имири эстииттэн быыһаммыттара.

Сэриини боростуой саллаат кыайбыта дииллэр, кинилэри сэргэ үлэ фронугар көлөһүннэрин тохпут ыанньыксыт, булчут, табаһыт чэрдээх илиилэрэ кыайыыны уһансыбыттарын ким мэлдьэһиэй?! Ону сыыппаралар да туоһулууллар. Архыып докумуоннарыгар көстөрүнэн, сэрии ыар кэмнэригэр Саккырыыр оройуонун дьонун — сэргэтин дьүккүөрдээх үлэтинэн тыа хаһаайыстыбатын сүрүн көрдөрүүлэрэ үрдээбит.

Сэрии иннинэ 1939 сыллаахха колхуостарга 9228 таба, 1132 сылгы, 582 ынах сүөһү иитиллэн турбут эбит буоллаҕына, 1942 с. 841 ынах, 1261 сылгы, 10847 таба , сэрии бүтүүтэ, о.э. 1945 с. ынах — 1131, сылгы — 1368, таба — 14814 төбө баар буола сылдьыбыт. Эти, үүтүµ туттарыыга былаан икки бүк туолбут. Респотребсоюзка 1941 с. 199400 солк. түүлээх хомуллубут.

Оттон Саха сирин таһымыгар ылан көрдөххө, 1941-45 сс. республикабыт 50 оройуонуттан, куоратыттан биһиги оройуоммут үлэлээн иитиллээччилэрэ харчынан 2960867 солк. киллэрэн, 4 миэстэҕэ, күндү тааһы 19 кг. туттаран, 9 миэстэҕэ, итии таҥаһы тигэн 19 миэстэҕэ тиксибиттэрэ. Бу «Барыта фронт туһугар!» диэн бэйэни харыстаммат күүрээннээх үлэ түмүгэ.

1939 с. биэрэпис түмүгүнэн оройуоҥҥа 2258 киһи олорбут эбит буоллаҕына, 1945 сыл тохсунньу 1 күнүгэр 1884 киһи хаалбыта… Сэрии кэмин сут дьыллара, хам аччык сылдьан бэйэни харыстаммат күүстээх үлэ, ыар нолуок, кыһарыйбыт курдук уот кураан сыллара, сэрии хаҕыс тыына уһук хоту да сиргэ дьону харыстаабатаҕа…

Эһэ-Хайаҕа үүрүллэн ыар дьылҕаламмыт эр дьон, Дьааҥы таас сис хайаларын уҥуордаан, тоҥмот тарыҥнарынан дьүккүөрдээхтик таһаҕас тиэйэр табаһыт, хам аччык сылдьан бүтэһик түүлээҕин фронт туһугар туттарар сорсуннаах булчут, хотонугар турар сүөһүтүн сэрии нолуогар туттаран ыал ыалынан сутаан өлүүтэ… Бу уустук сылларга кулун атаҕын түптэҕэ үктээн соруйан бааһырта, күһүҥҥү от сытыйыытын таһаарда, докумуону сыыһа толордо, сэрии нолуогун төлөөбөтө, көнньүнэн өлбүт сүөһү этин сиэбит, оҕус ууга түһэн өлөрбүт, колкуос сарайын аттыгар тохтубут бурдук сиэмэтин ичигэстээн оҕолоругар сиэппит диэн буруйдааһыҥҥа түбэһэн хаайыыга, кыһалаҥ үлэҕэ барбыт, суорума суолламмыт дьон ахсаана кырата суох этэ.

Дьарҕаалаах олохтооҕо Д.К. Слепцов  ахтыытынан кини аҕатын сэрии нолуогун төлөөбөтө диэн бултуу сылдьар киһиэхэ сурук хаалларан барбыттар. Саас кэллэҕинэ Эһэ-Хайа хаайыытыгар бэйэтэ тиийдин диэн. Саас кэлээт, ол суругу туппутунан бу киһи сатыы 10 көстөөх сиргэ тиийээхтээбит. Оччотооҕу кэм дьоно оннук көнө, кэнэн буолаллара. Бу барыта сэрии кэмин тыйыс чахчылара!

This post was published on 09.05.2016 11:00 11:00