Саккырыыр үрдүнэн хаастар эргийэ көтөллөр, хаар түһэр (видео)

Эбээн Бытантай улууһун Саккырыыр бөһүөлэгин үрдүнэн хаастар көтөллөр, хаар түһэр.

Саккырыыр олохтоохторо «кыһыммыт кэллэ» дииллэр. Ол бэлиэтинэн сайылаабыт хаастар биир сиргэ түмсэн, соҕуруу көтөргө бэлэмнэнэллэр. Олохтоохторго махтаммыттыы бөһүөлэк үрдүнэн эргийэ көтөллөр. «Эһиил кэлээри-ииҥ«, — диэн дьон далбаатыы хаалла.

Хоту улууска бастакы хаар түстэ, диэн СИА-ҕа кэпсээтэ суруналыыс Яна Рожина.

This post was published on 28.09.2021 10:51 10:51