Бэс уонна от ыйдарыгар Россия үгүс регионнарыгар сөҥүү түһүүтэ аҕыйах, салгын температура нуормаҕа чугаһыыр эбэтэр үрдүк. Сөрүүн күннэр суохтарын кэриэтэ буолуоҕа, Россия «Гидрометцентр» тэрилтэ научнай салайааччыта Роман Вильфанд пресс-конференцияҕа эттэ, суруйар ТАСС.
Вильфанд бэлиэтээбитинэн, билиҥҥи борогунуос быһа барыллаан оҥоһуллар. Кэмигэр чуолкай дааннайдар араастаһыахтарын сөп.
Кини эппитинэн, от ыйыгар Россия территориятын үгүс өттүгэр салгын температурата нуормаҕа чугас.
«Ямало-Ненецкай уокурукка, Таймыырга, хоту уонна Красноярскай кыраай киинигэр температура нуорматтан үрдүк. Ити эрээри тымныы ыйдар суохтар, температура нуормаҕа чугас эбэтэр үрдүк буолуоҕа. Сөҥүү түһүүтэ европейскай территория илин аҥарыгар, илиҥҥи Сибиир соҕуруутугар, Чукотка, Саха сирин, Магадан уобалаһын хоту өттүгэр суоҕун кэриэтэ», — диэтэ кини.
This post was published on 25.03.2022 15:02 15:02