7 Алтынньы 07.10
  • $ 94,87
  • 104,74

Сайын Чурапчыттан Дьокуускайга диэри оптуобус сылдьара былааннанар

Фото: кадр из сюжета ЯСИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Кэлэр сайын Чурапчыттан Дьокуускайга диэри рейсовай оптуобус сылдьара былааннанар. Туһааннаах сорудаҕы оройуон иннигэр отчуот түмүгэр Саха сирин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко биэрдэ.

Оптуобус күн аайы Аллараа Бэстээх нөҥүө сылдьааҕа, билиэт сыаната 500 солк. буолуоҕа, бу такси сыанатыттан лаппа чэпчэки.

«Бырайыас сыаната сыллата үрдүү турар, ол иһин оптуобус сылдьан саҕалыыра буоллар бары даҕаны абыраныа этибит, ордук устудьуон оҕолордоохторго чахчы үчүгэй сонун», — диэн Чурапчы улууһун Мугудай олохтооҕо Дария Сивцева санаатын үллэстэр.

Региоҥҥа тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Владимир Сивцев оптуобус сылдьарыгар суол бары нуормаҕа эппиэттиирин бэлиэтээтэ. Оптуобус сырыыта саҕаланыан иннинэн, оптуобус тохтууругар суол хармааннарын, тохтобуллары тутуохха, сатыы киһи хаамыытын сырдатыыны оҥоруохха наада.

Тустаах инфраструктураны тутарга Тарасенко улуус дьаһалтатын сорудахтаата.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА