Манна 41 223 төбө ынах сүөһү, (онтон ыанар ынаҕа 18 831 төбө) баар. Үүтү ыаһын кэмигэр сүөһүнү сайылыкка көрүү-истии — тыа хаһаайыстыбатын үгэс буолбут көрүҥэ. 255 сайылык механизациялаах, олортон 195 — тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар сайылыктара. Сайын устата 1838 киһи үлэлиир, ол иһигэр 795 ыанньыксыт, 156 үүт тутааччы, 205 тиэхиньик-осеменатор, 271 ньирэй көрөөччү, 411 бостуук.
Тыа хаһаайыстыбатын кэпирэтииптэригэр 2024 сылга уопсайа 84 мөлүйүөнтэн тахса солкуобай эбийиэктэри (ынах хомуурун, сайылыктары уонна хортуоппуйу харайар) тутууга үбүнэн өйөбүл оҥоһуллуоҕа. Билиҥҥи туругунан, субсидияны биэрии бэрээдэгэ сөбүлэсиһиигэ сылдьар.
2023 сылга Кэбээйи, Томпо, Сунтаар уонна Ленскэй оройуоннарыттан биэс бааһынай хаһаайыстыбатыгар 100-түү ыанар ынах сайылыктарын тутууга анаан өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 14,74 мөл. солкуобай үбүлээһин көрүллүбүтэ.
Өрөспүүбүлүкэҕэ үүтү атыыга 44 тэрилтэ тутар. Муниципальнай тэриллиилэргэ үүккэ сыллааҕы субвенция 68% ол эбэтэр 2430,217 мөл. солк көрүллүбүтэ. Нам уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар 80% ыллылар. Уоннааҕы улуустарга субсидия толору тиэрдиллибитэ, суруйда Саха сирэ саайт.