22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Сайылыктарга РФ Конституциятыгар көннөрүүлэри киллэриигэ куоластыырга бэлэмнэр

17:02, 21 июня 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Үрүҥ илгэ үрүлүйэр сайылыктарыгар Сылаас салгыннаах бэс ыйын нуурал киэһэтэ. Күн сардаҥаларын суоһа мөлтөөн, арҕаа тыа баһыгар тиийэн турар. Сүүстэн тахса хороҕор муостаах аччыгый алаас арҕаа тыатын саҕатыттан ыанньыйан, ыксаан, маҥыраһан иһэллэр. Аттаах бостуук туора-маара ыстанар эдэр тыһаҕастары үүрэн аҕалан атыттарга холбуур. Титиик диэкиттэн унааран тахсар буруо дыргыл сыта киэһээҥҥи сайылык кэрэ көстүүтүн өссө минньитэргэ дылы. Ол быыһыгар сайылык оҕолоро оонньууллар-көрүлүүллэр, саҥалара чобугураан оргуйан олорор.


Маннык кэрэ көстүүнү киэһэ ахсын Амма улууһун Туора сайылыгар көрүөххэ сөп.

Быйыл “Бөтүҥ” ТХПК ыанньыксыттара лоп-бааччы Ньукуолун күнүгэр тапталлаах сайылыктарыгар, сүөһүлэрин үүрбүтүнэн көһөн субуруһан тахсыбыттара. Дьиҥнээх саха киһитэ сайылыкка таҕыстаҕына, айылҕалыын алтыстаҕына, сирдээҕи олох кэрэтин билэр буоллаҕа.

Күн бүгүн сайылыкка 9 ыал быр-бааччы сайылаан, тигинэччи үлэлээн-хамсаан олорор. Күннээҕи түбүктэрэ диэн күҥҥэ үстэ ынахтарын ыыллар. Аныгы үйэҕэ ынаҕы илиинэн ыан эрэйдэмэккин. Ыанньыксыт үлэтэ арыый да чэпчээн турар. Ынах эмиийин сууйан-сотон, эмэрийэн-томоруйан баран, дуойканы холбууллар. Онтуҥ да, дьиҥинэн, сыралаах үлэ. Элбэх бириэмэни, күүһү-уоҕу, тулууру эрэйэр.

Туора сайылык ыстаарсайа Светлана Тарбахова сайылыгын туһунан субу курдук сэһэргээтэ:

– Быйыл ынахтарбыт кэмигэр үчүгэйдик төрөөтүлэр. Сайылык үрдүнэн үс эрэ кытарах баар. 118 ынах этэҥҥэ төрөөтө. Онон икки ньирэй көрөөччү күнү быһа 100-тэн тахса ньирэйи аһатар, уулатар түбүгэр сылдьар.

Сайылыкка күн тыҥ хатыытын кытта саҕаланар. Сарсыарда 6 чаастан ыанньыксыттар номнуо титииккэ түбүгүрэллэр. Дуойка тыаһа-ууһа биир кэм тирилээн барар. Маннык тохтоло суох үлэ сарсыарда 9 аҥар чааска диэри салҕанар.

– Ынахтарбытын күҥҥэ үстэ ыыбыт. Сарсыардааҥҥы ыамҥа алтаҕа тахсабыт, күнүскүгэ – уоҥҥа уонна киэһээҥҥигэ – алтаҕа. Билигин күҥҥэ 1 туонна 600 киилэ үүтү ыыбыт. Ону үүт массыыната күҥҥэ иккитэ: сарсыарда уонна киэһэ кэлэн илдьэ барар, – диэн Светлана Аполлоновна сайылык күннээҕи бэрээдэгин билиһиннэрдэ.

Оҕолор сайылыкка төрөппүттэрин кытта тэҥҥэ тахсыбыттара. Быйыл кутталлаах дьаҥ туран, үөрэх дьыла кыра кылаастарга эрдэ түмүктэммитэ. Онон 11-дээх Кеша Сергеев аҕатыгар көмөлөһөр. Иккиэн сүөһүлэрин бостууктууллар.

– Сайылыкка наһаа үчүгэй. Сибиэһэй салгыннаах, оҕо элбэх. Күнү быһа оонньуубут. Алааска киирэн сүүрэбит-көтөбүт. Ол быыһыгар аҕабар көмөлөһөбүт. Ынахтары титииккэ үүрэн аҕалабыт. Үлэ ыарахан буолбатах. Үөн-көйүүр элбэх буолан, титиик аттыгар сылдьаллар эбэтэр алаас арҕаа өттүгэр баран мэччийэллэр. Ону тааҕы таах үүрэн аҕалабыт, – диэн Кеша уол чобуотук хоруйдаата.

– Сайылыкка оҕо-аймах элбэх. Тоҕус ыал оҕото баар буоллаҕа. Үгүспүт сайылык үлэһиттэрэ. Холобур, 9 ыанньыксыт, 1 бостуук, 1 асчыт буолан үлэлиибит. Бэйэм кыра 6-лаах кыыстаахпын, Эльвира диэн ааттаах. Сороҕор оҕолорбутун көмөлөһүннэрэбит. Түптэҕэ кии хомуйарга күрэхтэһиннэрэбит. Онон кыра да буоллар, көмөлөөх дьон, – диэн эдэр ийэ Светлана мичээрдии-мичээрдии сайылык олоҕуттан быһа тардан кэпсээтэ.

Туора мээнэ сайылык буолбатах. Манна Дьоруой ийэ, “Аҕа дойдуга үтүөлэрин иһин” IV истиэпэннээх уордьан кавалера, тыа хаһаайыстыбатыгар 62 сыл эҥкилэ суох үлэлээбит, аммалар бары киэн туттар киһилэрэ Аграфена Егоровна Сутакова сайылыыр.

Кырдьаҕас былырыыҥҥа диэри сайылыгар ыанньыксыттыы сылдьыбыт. 82 саастаах ыанньыксыт 3 ынаҕы бэйэтэ тутан-хабан ыыр эбит. Күн бүгүн да Аграфена Егоровна хотон үлэтиттэн тэйэр санаата суох. Сарсыарда эрдэ туран кыргыттарын кытта титииккэ барсар. Аҕа табаарыс, настаабынньык быһыытынан сүбэлээн-амалаан, үүт ыама үрдүүрүгэр кыһаллар.

– Кэлин тыа хаһаайыстыбата биллэ сэргэхсийдэ. Эдэр дьон да ылсара элбээтэ. Кэпэрэтиипкэ да буоллун, нэһилиэккэ да буоллун, сүөһү үлэтигэр сыстаҕас ыччат ахсаана эбиллэ турар курдук. Хаһаайыстыбаларга судаарыстыба өттүттэн сүрдээх улахан көмө оҥоһуллар буолла. Холобур, Туора сайылакка молокопровод оҥоро сылдьаллар. Сотору кыргыттар үүтү онон ыыр буолуохтара. Үрдүк хаачыстыбалаах үүт ыаныллыа, – диэн уордьаннаах ыанньыксыт үөрүүлээх сонунун үллэһиннэ.

Аграфена Егоровнаттан от ыйын 1 күнүгэр буолаары турар бүттүүн куоластааһын туһунан ыйытабын.

– Дьэ, куоластааһын буоларын билэн-көрөн олоробун. Бассаап сэһэнэ ол эрэ туһунан. Төрүт сокуону уларыталлар. Биир бэйэм куоластыы бараары олоробун, доҕоор. Дойдум, норуотум, нэһилиэгим, дьонум туһугар. Судаарыстыба ыытар бэлиитикэтэ сөптөөх буоларын туһугар оҥоһуллар дии саныыбын. “Тыа хаһаайыстыбатын” туһунан Төрүт сокуоҥҥа көннөрүү киллэрбиттэр. Онон өссө күүстээх өйөбүл баар буолуо диэн эрэнэбин, – диэн киһим лоп курдук хоруйдаата.

Бу курдук, туоралар нус-бааччы олороллор. Оҕолор төрөппүттэрин харахтарын далыттан ырааппаттар. Чугас алаас сыһыытыгар киирэн оонньууллар. Ынахтара күҥҥэ үстэ маҥыраһан кэлэн үрүҥ илгэни үрүлүтэллэр. Аны Саха сирин арҕаа баһыгар тиийэбит. Өскөтүн, илин эҥэргэ хааппыла да ардах түһэ илик буоллаҕына, арҕаа улуустары халлаан самыырынан хатаҕалаата.

Самыыр быыһынан ыамҥа тиэтэйэллэр

Сунтаар улууһун Бордоҥ сайылыгар самыыр түспүтэ үһүс күнүгэр барда. Халлаан ибиирдиирин аахсыбакка, Владимир Африканович Михайлов Бүлүү өрүс кытылыгар кэлэн турар. Сибээс манна эрэ хабар. Киһи хараҕа ылар сиригэр Кириэстээх нэһилиэгэ турара көстөр. Оол, кырыыһалара кытараллар. Быйыл Бордоҥ сайылыгар 3 ыанныксыт, 112 ынах-сүөһү тахсыбыт. Онтон 104 ынах номнуо төрөөбүт.

– Сылын аайы итинник, бэс ыйыгар-от ыйыгар, ороһу ньирэйдэр төрүүллэр. Онно киһи соһуйара суох. Ол ньирэйдэри бэйэбит сайылыкка бүөбэйдээччибит.  Эрдэ төрөөбүттэр атын сайылыктарынан тарҕаммыттара, – диэн өрөспүүбүлүкэ биир биллэр ыанньыксыта кэпсээнин саҕалаата.

Былырыын бордоҥнор биэс эбиттэр. Икки сүүсчэкэ ынаҕы ыы олорбуттар. Ол эрэн, мэччирэҥ мөлтөҕүнэн, быйыл 70 ынаҕы көҕүрэппиттэр. Куокунуга ыыппыттар. Онон үс хаалбыт ыанньыксыт күҥҥэ иккитэ аа-дьуо тахсан ынахтарын ыыллар эбит.

– Бары кэриэтэ саастаах дьоммут. Уопуттаах ыанньыксыттарбыт. Онон ханна да ыксаабакка, наҕыллык тахсан ыыбыт. Сүрүнэ, үүт массыыната кэлэригэр ыаммыт бэлэм буолуохтаах. Күҥҥэ 1 туонна 150 киилэ үүтү ыыбыт, ол аата биир ынахтан, ортотунан, 11 киилэни ылабыт. Бэйэм санаабар, үчүгэй көрдөрүү. Быйыл дэлби ардаата, онон мэччирэҥ тупсар чинчилээх. Үрүҥ илгэ, дьэ, үрүлүйэрэ аҕай буолуо, – диэн Африканович астына сылдьарын биллэрэр.

Быйыл Бордоҥ сайылык хаһааҥҥытааҕар даҕаны тупсан, сайдан турар. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ “Бочуот” уордьан, “Үлэ Албан аата” уордьан I, II, III истиэпэннээх кавалердарыгар, СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, “Хотугу сулус” уордьан кавалера  Владимир Африканович Михайловка, 65 сааһын туоларыгар, сайылык тутуутугар сэртипикээт бэлэхтээбитэ. Онон быйыл сайын Бордоҥҥо киэҥ-куоҥ 3 саҥа дьиэни тутан дьэндэтэн кэбиспиттэр.

– Дьиэ-уот бөҕөтүн туттулар. Титиикпит эмиэ саҥа. Хамнас кэлэ турар. Бородууктаны хамнас суотугар аҕалан биэрэллэр. Оҕолорбут аттыбытыгар бааллар. Кыыһым Виолетта 2-с кылааһы туйгуннук бүтэрэн, сайылыы кэлбитэ. Билигин ньирэй көрсөн абырыы сылдьар. Сөбүлүүр үлэбэр сылдьабын. Онон олохпут этэҥҥэ салаллан иһэр. Коронавирус дьаҥыттан сылтаан туох да улахан тэрээһин ыытыллыбат.

Арай, от ыйын 1 күнүгэр Төрүт сокуоҥҥа куоластааһын буолаары турар. Историческай суолталаах түгэн дии саныыбын. Онон булгуччу кыттар санаалаахпын. Бүтүн сайылыгынан тиэллэн баран,  гражданскай ытык иэспитин төлүөхпүт. Сахам сирин дьонун эмиэ маннык киһи үйэтигэр биирдэ буолар улахан тэрээһиҥҥэ кытталларыгар ыҥырабын! – диэн өрөспүүбүлүкэбит үтүөлээх ыанньыксыта Владимир Африканович гражданскай позициятын биллэрдэ.

Түмүк оннугар

72-с ыстатыйа көннөрүүтүгэр, 1993 сыллаах Төрүт сокуоҥҥа суох, “тыа хаһаайыстабата” диэн өйдөбүл киирэн биэрбит. Онон мантан ыла тыа хаһаайыстыбатын хайысхатыгар Российскай Федерация уонна Арассыыйа субъектара ураты болҕомтолорун ууруохтара. Билигин аһы-үөлү оҥорор салаа – дойдуга уһулуччу суолталаах “импортозамещение”, ол аата омук аһын-үөлүн солбуйарга туһуламмыт бэлиитикэ сорҕото. Онтон натуральнай ас-үөл сырьетун бүтүннүүтүн тыа хаһаайыстыбата оҥорор. Онон төрүт дьарыкпыт сайдарыгар киэҥ аартык арыллар чинчилээх.

Источник: https://www.sakhaparliament.ru/sa/ekeniemike/tya-khasaajystybatyn-dekadata/1534-r-ilge-r-l-jer-sajylyktarygar

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА