Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатыгар аныгы технология туһаныллар. Ол курдук, Кэбээйи улууһун Мукучутугар “Сайылык” кэпэрэтиипкэ (сал. П.А.Дьяконов) “Сахаагроплем” тэрилтэ ынаҕы искусственнайдык буоһатыыга отделыттан Т.А.Протопопова тиийэн, бу хаһаайыстыба ынахтара хаһан төрүүр болдьохторун УЗИ аппаратынан быһаарда.
Отдел начаалынньыга Лазарь Барбахтыров этэринэн, эрдэ уулаах тыһаҕастары төрүөхтэрин иннинэ синньилэрин массаастыырга үөрэппиттэрэ. Ону хайдах туһана сылдьалларын тустаах исписэлиис бэрэбиэркэлээбит.
Татьяна Андреевна “Сайылык” ынахтарын ити аппаратынан көрөн баран, хаһан төрүөхтээх кыраапыктарын оҥорон биэрбит. Уопсайа 97 ынаҕы көрбүтүттэн сэттэ ынах кытараҕа бэлиэтэммит. Ынахтар быһа холуйан кулун тутар-муус устар ыйдарга төрүөхтэрэ, суруйда «Саха сирэ» хаһыат.
Хаартыскаҕа: кыраапыгы торумнааһын. Т.Протопопова ыытта
This post was published on 22.12.2023 11:33 11:33