«Ардах уутуттан халаанынан региоҥҥа ЧС биллэриллибитэ, уопсай хоромньу 240 мөл солк тэҥ. Бырабыыталыстыба халаан уутун хоромньутун туоратыыга миэрэлэри бигэргэттэ», — диэн суруллар иһитиннэриигэ.
Оттук сезона саҕаланыан иннинэ эбийиэктэри чөлүгэр түһэрэр үлэлэр түмүктэниэхтээхтэр.
От ыйын саҕаланыыта хотугулуу-илин элбэх ардах түһэн, өрүстэргэ уу эбилиннэ. Билигин чөлүгэр түһэрэр үлэлэр бараллар, от ыйын 19 күнүттэн материальнай уонна үбүнэн көмөҕө нэһилиэнньэттэн сайабылыанньа хомуллубута, билигин төлөбүрү 1 005 киһи ылла.
Бырабыыталыстыба дааннайынан, Өймөкөөн уонна Абый оройуоннарыгар 382 тиэргэн ууга барбыта, онно 1,3 тыһыынчаттан тахса киһи олорор. 127 олорор дьиэ алдьанна, Өймөкөөҥҥө быраас амбулаторията, ОДьКХ 14 эбийиэгэ, регион уонна муниципальнай таһымнаах 82 суол учаастага алдьанна, сибээс биэс эбийиэгэ, Уус Ньаратааҕы кыраайы үөрэтэр музей, Абыйга Майыар оскуолатын гарааһа эмсэҕэлээтилэр.
This post was published on 06.08.2025 14:33 14:33