Сайыҥҥы доруобуйаны чэбдигирдэр хампаанньа онлайн эрэһиимҥэ ыытыллыа

Сайыҥҥы доруобуйаны чэбдигирдэр хампаанньа онлайн эрэһиимҥэ ыытыллыа. Ол туһунан үөрэх миниистирэ Михаил Сивцев социальнай ситимнэргэ эттэ, суруйар СИА.


Үөрэх уонна наука миниистирэ Михаил Сивцев эппитинэн, коронавирус пандемиятынан, сайыҥҥы оҕо лааҕырдара дистанционнай эрэһиимҥэ ыытыллыахтара. Үлэни ыраахтан тэрийиигэ үөрэх тэрилтэлэрэ араас киэптээх тэрээһини толкуйдууллар.

Миниистир бэлиэтээбитинэн, суола-ииһэ суох бөһүөлэктэргэ, эпидемиологическай балаһыанньаны, Роспотребнадзор ирдэбиллэрин учуоттаан туран, сайыҥҥы лааҕырдар күнүс үлэлиэхтэрин сөп.

«Суола-ииһэ суох нэһилиэнньэлээх пууннарга миэстэтигэр барытын учуоттаан туран, сайыҥҥы хампаанньаны үгэскэ кубулуйбут киэбинэн ыытыахпытын сөп», — диэтэ Михаил Сивцев.

This post was published on 27.05.2020 14:01 14:01